Күндү ааҕааччылар, бу уолаттар тугу гына тураллара буолуо дии саныыгыт? Суох, кинилэр ойуу тутан турбаттар, муусука тыаһаппаттар.
Кинилэр оҕолорго анаан бэрт сэргэх оонньуу ыыта тураллар. Уолаттар Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ буолаллар. Кинилэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, бэйэлэрэ «УАЗ» массыына тэрилиттэн оонньуу айбыттар. Бастакы оонньуу «түргэнник хап» диэн. Оҕолор былыттан түһэр «таммахтары» түргэнник хабан ылыахтаахтар. Ким хаппыт бириис ылар. Өссө иккис оонньуу баар. Манна үс оҕо кыттар. Ким саамай түргэнник шаригы тэспит хотор. Дуоскаларын оҕолор олус үчүгэйдик уруһуйдаан кэбиспиттэр.
Кэлбит-барбыт оҕолор оонньоон, сэргэхсийэн ааһаллар. Уолаттар: «Сарсын эмиэ кэлиэхпит, кэлээриҥ», — дэһэллэр.
Кристина Иванова