Биһиги Ороһубутугар 19 үйэҕэ тыл хомуһунун Олоҥхону баһылаабыт аҕалыы уол Фёдор (Бүөчэрэ) уонна Петр (Бөтүрүүскэ) Тимофеевтар олорон ааспыттара биллэр. Бүөчэрэ уҥуоҕунан 180 см үрдүктээх, уурбут-туппут курдук көнө, сытыы, күүстээх киһи эбит. Кини майгытынан сымнаҕас, туохха да уолуйбат, дэлэгэй майгылааҕа үһү.
Биэчэрэ дойдутун ыһыахтарыгар хам-хаадьаа күүһүн холонон кыттара уонна тэҥнээҕин булбата үһү.
Бүөчэрэ аатырбыт олоҥхоһут, оһуохайдьыт, остуоруйаһыт эбит. Ол кэмҥэ оскуолаҕа ыҥыран олоҥхолотоллоро, остуоруйалаталлара үһү. Кини 96 сааһыгар олохтон туораабыт.
Биэчэрэ уола Бөтүрүүскэ аҕатынааҕар уус тыллаах, саҥалаах-иҥэлээх, суостаах киһинэн ааҕаллара үһү. Аҕатын курдук үрдүк уҥуохтааҕа үһү. Кини саҥата бөдөҥө, тылы үчүгэйдик билэрэ, онуоха эбии айылҕаттан талааннаах буолан кини олоҥхотун тыла оҕуруону тиспит курдук тыл кэрэтинэн суккуллан иһэрэ. Ону таһынан охсуһуута-өлөрсүүтэ, айдаана-куйдаана элбэҕинэн олус кэрэ уонна киһи куйахата күүрэрэ.
Кини чахчы тылы сааһылаан ыллыыр ырыаһыт этэ. Оһуокайга эттэҕинэ, дьүрүһүтэн-эҥсэлдьитэн, тыла ууһунан, кэрэтинэн хайа да үҥкүүһүттэр тэҥнэспэт киһилэрэ эбит. Үҥкүү этэн истэҕинэ, кини обургу кэдэрчи таттаран, көрөн-истэн иһэрэ бу баарга дылы диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ, уос номоҕо буолан кэпсэнэ сылдьар. Нуучча хааннаах буолан, кырыһыабай киһи эбит.
Бөтүрүүскэ өссө биир уратылааҕа, ол үтүө тылынан иччилэри ыҥыран, оту-маһы аһатан үөрдэн-көтүтэн туран дьон кыһалҕатын намыратара. Кинини дьоннор быһа-хото эппэттэр этэ.
Биэчэрэ олоҥхото сурукка тиһиллибит «Аллы Дуллу» олоҥхотун «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө төрөппүттэрбитинээн Үөһээ Бүлүүгэ буолар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө бэйэбит испитигэр олоҥхо тылын ааҕан турарбытынан киэн туттабыт.
«Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө, Ороһу.