Биһиги Кэбээйибит оскуолатыгар сылын ахсын улуу айымньыбытыгар, киэн туттуубутугар аналлаах Олоҥхо декадата ыытыллар.
Оскуолабыт “Олоҥхо дьыктаана-2023” акцияҕа көхтөөхтүк кытынна. 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ уонна учууталлар Ийэ тылбыт барҕа баайын билиитин, таба суруйар үөрүйэҕин тургутан көрдө. Олоҥхо декадатыгар анаан оскуолабытыгар олоҥхоҕо анаммыт быыстапка, уруһуй күрэҕэ, олоҥхо уруоктара буоллулар.
Мин ордук сөбүлээн уруһуй күрэҕэр кытынным уонна биир саастыылаахтарым дьоҕурдарын хайгыы көрдүм. Оҕолор үксүн Аан дойдуга аатырбыт чулуу суруйааччыбыт П.А. Слепцов-Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан дьоруойдары бэркэ табыллан уруһуйдаабыттар. Мин быйыл дьоҕурбун аллараа дойду олохтоохторун абааһы аймахтарын уобарастарын уруһуйум нөҥүө тиэрдэ сатаатым.
Үлэм түмүктээх буолуо диэн эрэнэбин.
Сандаара Софронеева, 8 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.