Өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо декадатын түмүктүүр тэрээһин чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгэр култуура киинигэр фольклор көрүҥнэригэр күрэх ыытта. Тэрээһин сыала-соруга — саха норуотун фольклорун жанрдарын үйэтитии, харыстааһын, норуот уус-уран айымньыларын толорооччуларын өйөөһүн, кыттааччылар толорор маастарыстыбаларын үрдэтии.
Күрэххэ оскуола саастаах оҕолор, 18-тан үөһэ саастаах улахан дьон, биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн кытыннылар. Күрэххэ тойугу, норуот ырыатын, чабырҕаҕы, хомуһу толордулар.
Мин Ороһутааҕы Д.Е. Иванов аатынан театр режиссёра Сайыына Константиновна Васильева «Дьулуруйар Ньургун Боотур» туруорбут олоҥхотугар Абааһы кыыһын тылын-өһүн, ырыатын үөрэтэн, ыллаан 1 степеннээх лауреат аатын ыламмын, олус үөрдүм. Мин бу курдук оруолбар киирэн толорорбор кылааһым салайааччыта Галина Юрьевна Габышева көмөтө улахан.
Маны таһынан улахан дьон толоруутуттан Мария Никитична Горохова тойугун сэргээн уонна сөҕөн иһиттим.
Инникитин олоҥхоттон быһа тардан өссө да ааҕар былаанннаахпын. Бу сыалым Сайыына Константиновна кыһамньытынан олоххо киириэ диэн эрэллээхпин.
Шура Александрова, Ороһу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.