Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө кулун тутар 15 күнүгэр оскуолабытыгар алын кылаас үөрэнээччилэригэр улуустааҕы олоҥхо олимпиадата буолан ааста. Амма Наахара, Болугур, Бөтүҥ, Сэргэ Бэс, Алтан оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Бу тэрээһиҥҥэ оҕолору, учууталлары Е.И. Петрова салайааччылаах алын кылаас учууталларын холбоһуга түмтэ. Үөрүүлээх арыллыыны психология учуутала Анетта Николаевна Гаврильева салайан ыытта.
Биир дойдулаахпыт, саха норуотун поэта В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап музейын оҕолорго саха тылын, литературатын учуутала Надежда Константиновна Захарова кэпсээтэ, көрдөрдө. Кэлбит ыалдьыттарга оскуола историятын туһунан мини-музейы нуучча тылын уонна литературатын учуутала Лена Владимировна Бубякина, Зоя Николаевна Кириллина аатынан дуобат кылааһын Анетта Николаевна Гаврильева билиһиннэрдилэр.
“Эрэкэ-дьэрэкэ” куруһуок олоҥхоһута Ньургуйаана Устинова олоҥхолоото, музыка, үҥкүү учуутала Уйгулана Павловна Сысолятина уонна Богдан Бубякин кырыымпаҕа ооньоон иһитиннэрдилэр, Ньургуяна Валентиновна тойуктаата. Олимпиада кэнниттэн оҕолору сэргэхситэн олоҥхо тиэмэтинэн оонньууну VII кылаас кыргыттара Анетта Николаевнаны кытта тэрийэн ыыттылар.
Кыттыыны ылбыт оҕолорго уонна учууталларга, тэрээһин үлэтин өйөөбүт улуустааҕы үөрэх управлениетыгар (сал. Н.А., Ларионов, специалист Е.В. Огоюкина) оскуола салалтатыгар (дириэктэр Г.Д. Захаров), саха тылын учууталыгар Н.К. Захароваҕа, психология учууталыгар А.Н. Гаврильеваҕа уонна минньигэс астаах повардарбытыгар Е.С. Соловьеваҕа, Т.А. Левинаҕа махтанабыт.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма