Бэс ыйын 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ О. Д. Федорова аатынан киин библиотекаҕа «Олоҥхо дьоруойдарын мүччүргэннээх сырыылара», үс тылынан «Олоҥхо оҕо уруһуйугар» анаммыт кинигэлэр сүрэхтэниилэрэ буолан ааста.
Муус устар ыйга өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар, Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүт тыл сылыгар аналлаах уонна XV Олоҥхо ыһыаҕын көрсө «Оҕолор олоҥхону уруһуйдууллар» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытыллыбыт. Уопсайа өрөспүүбүлүкэ 75 оскуолатыттан 248 оҕо кыттыбыт. Үс бөлөххө арааран сыаналаабыттар: 7-9, 10-13, 14-17 саас. Дьэ, бу мантан сиэттэрэн улахан «Олоҥхо оҕо уруһуйугар» кинигэ күн сирин көрбүт. Бастыҥ үлэлэр, кыайыылаахтар махтал суруктарынан, араас бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Бу куонкурус сүрүн тэрийээччитэ, киин библиотека тумус туттар доҕоро, ускуустуба оскуолатын(директор Анатолий Валерьевич Иванов) уруһуйга учуутала, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ — Майя Васильевна Саввина.
Кини маннык кэпсиир: «Кинигэ буолан тахсыбыта биһиэхэ олус үөрүүлээх уонна долгутуулаах. Миирнэйтэн, хотуттан , илин эҥэртэн, онтон да атын өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан оҕо бөҕө кытынна. Хаһан да буолбатах, уһун-киэҥ быыстапкыны тэрийдигит диэн бар дьон сөҕө-махтайа этэллэр. Олус элбэх оҕо кыттыбытын иһин дьүүллүүр сүбэҕэ Дьокуускайдааҕы уус-уран училищеттан ыҥырбыппыт. Оҕолору саастарынан арааран сыаналаатыбыт. Саамай элбэх орто сүһүөх оҕолоро актыыбынайдык кытыннылар. Миэстэлэри баалынан таһаарбыппыт, онон миэстэлэрбит оҕолорбутугар элбэхтэр. Кинигэбитигэр саамай бастыҥ уруһуйдар 150-тан тахса үлэ киирдэ. Каталогпыт үс тыллаах: сахалыы, нууччалыы, аангылыйалыы. «Офсет» типографиятыгар түгэнинэн туһанан улахан махталбытын тириэрдэбит».
Өссө киин библиотеката ыыппыт «Олоҥхо дьоруойдарын мүччүргэннээх сырыылара» араас олоҥхо матыыптарынан комикс куонкуруһугар киирбит үлэлэр кинигэлэрэ оҕо биһирэбилин тарта. Комикстары билиҥҥи ыччат сөбүлээн ааҕар, сэргиир.
Бу куонкурус кыайыылааҕын, VI кылаас үөрэнээччитин Лена Захарованы кытта кэпсэттибит:
«Үөһээ Бүлүү гимназиятын үөрэнээччитэ буолабын. Ийэм куонкурус буолар үһү диэн сонуннаах кэлбитигэр тута уруһуйдуу охсон үлэбин ыыппытым. «Эриэн Тигээйи бухатыыр уонна Чуораанчык Куо» олоҥхоттон быһа тардыыны уруһуйдаабытым. Бэйэм 8 сааспыттан уруһуйдуубун. Маннык ситиһиилэммиппинэн олус үөрэбин!»
Тэрээһиҥҥэ СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Степанович Куприянов кэлэн барда. «Аан барыта аһыллар эдэр ыччаттан. Ол иһин Олоҥхо ыһыаҕа бу тэрээһинтэн саҕаламмытыттан олус үөрэбин. Уолаттар, олоҥхоҕо ойууланар Үрүҥ Үолан, Ньургун Боотур курдук хорсун буолуҥ, сырдык иһин туруулаһыҥ, Туйаарыма Куо курдук нарын-намчы кыыс мааныта буолуҥ», — диэн оҕолорго тоһоҕолоон эттэ.
Бүгүн «Чөмчүүнэ» ансаамбыл уолаттара чабырҕах эттилэр, кыргыттар — хомустаатылар. Кырачаан оҕолор Сергей Борогонскай олоҥхотуттан быһа тардыыны аахтылар.
М.К. Аммосов аатынан Олоҥхону үөрэтэр үнүстүүт, Дьокуускай куорат Национальнай библиотекатын ааттарыттан эҕэрдэ тыллар этилиннилэр.
Олоҥхо — уус — уран тылынан айымньы муҥутуур чыпчаала. Оҕо кыра эрдэҕиттэн олоҥхоҕо сыһыннаҕына, билиитэ кэҥиир, өйө-санаата байар, кэрэ эйгэҕэ сыстар.
Бэлэмнээтилэр Кристина Иванова, Эльдар Садовников