Саха норуотун уус-уран тылынан айымньытын саамай куоҕайар чыпчаала — олоҥхо. Манна саха норуотун олоҕо-дьаһаҕа, философията, итэҕэлэ, төрөөбүт айылҕабыт ойууланаллар. Онон олоҥхо — саха дьонун историятын түннүгэ диэххэ сөп.
Оҕоҕо төрөөбүт тыл төрүөҕүттэн иҥэриллэринии, олоҥхо хас биирдии саха киһитигэр баар, олохпут быстыбат ситимэ. Олоҥхону өйдөөһүн, толоруу — эмиэ туспа дьоҕур, баҕалаах, билиигэ тардыһыылаах буолуоххун наада.
Бөлүһүөк, учуонай К.Д.Уткин-Нүһүлгэн этэн турардаах: «Олоҥхоһут саха өйүн, саха үөрэҕин этигэр-хааныгар иҥэрэ сылдьар». Ол курдук, оҕо кыра сааһыттан олоҥхо эйгэтигэр угуйуллан улааттаҕына, бары өттүнэн дэгиттэр, киэҥ көҕүүстээх киһи буолан улаатар.
Бэҕэһээ киэһэ 11 чаастан оҕолорго олоҥхо күрэҕэ саҕаламмыта. Уопсайа 28 оҕо кыттыыны ылара күүтүллэр. 5 оҕону истибиттэрэ. Сорохторун кытта кэпсэттибит.
Бэҕэһээҥҥи күрэххэ маҥнайгынан хоту Дьааҥыттан Снежана Бурцева кытынна. Быйыл 8 кылааһы бүтэрбит, Д.А. Томская «Күн Күөһэҥсэ Бухатыыр» олоҥхотун толордо. Үөһээ Бүлүү улууһун Нам орто оскуолатын 5 кылааһын бүтэрбит Рада Сивцева С.В. Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхотун толордо.
Салгыы бүгүн өссө элбэх оҕо кыттыаҕа. Олортон биирдэстэрэ Назар Филиппов. Кини 17 саастаах, Нам улууһуттан төрүттээх, култуура уонна ускуустуба колледжын этнохудожественнай салаатын 2 кууруһун устудьуона. П. П. Ядрихинскай «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотун толорор. Бэйэтэ кэпсииринэн, 14 сааһыттан дьарыктанар. Араас улустааҕы куонкурустар, ону таһынан, «Хотугу Сулус» телерадиоакадемия кыайыылаахтара буолар.
Сахалыы куттаах, төрөөбүт тыл күндүтүн, сүмэтин иҥэринэ сылдьар оҕолорбут олоҥхону толороллорун долгуйа күүтэбит!
Эльдар Садовников