Олоҥхону кыра оҕоҕо билиһиннэрии, тиэрдии үгүс сыраны, ураты сыһыаны эрэйэр. Иитээччилэр бэйэлэрин дьоҕурдарын, сатабылларын туһанан, көрдөрөн, үтүгүннэрэн, дьарыктаан оҕону олоҥхо кэрэ эйгэтигэр уһуйаллар.
Ол курдук, А.А. Черемных аатынан Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччыта Татьяна Александровна Томская алгыстаах Амма сиригэр Олоҥхо ыһыаҕар иитиллээчитин, Амматааҕы орто оскуола I кылааһын үөрэнээччитин Катя Никонованы кытыннарда. 8 саастаах кыыс оҕо Петр Решетников «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхотун толордо.
Катя эрдэ бэйэтэ бу олоҥхону үөрэтэ сылдьыбыт, ол эрэн ырыатын-тойугун уһуйааччытын кытта бииргэ тупсаран, кэҥэтэн биэрбит. Олоҥхону быһа тардан толорууга үс ырыаны киллэрбит. Сорук Боллур ырыатын Аммалыы матыыбынан, Устин Нохсоороп матыыбынан, түһэрдэ.
Татьяна Томская фольклор эйгэтигэр үлэлээбитэ 18 сыл буолла, ол эрэн олоҥхоҕо уһуйуутун саҥа саҕалаабыт. Уопсайа, 6 үөрэнээччини биирдиилээн уһуйар.
Татьяна Томская: «Оҕоҕо олоҥхо ис хоһоонун, уобарастарын ойуулаан-дьүһүннээн быһаарыахха, ырытыахха наада. Киниэхэ хартыына курдук көрдөрдөххүнэ, үчүгэйдик ылынан толорор. Уонна Катя бэйэтэ ис-иһиттэн олоҥхоҕо сыстыгас буолан, түргэнник ылынар уонна уобараһы арыйыы үлэтигэр ыарахаттары наһаа көрсүбэппит. Биһигини кытта өр сылларга үлэлээбит өрөспүүбүлүкэҕэ Амма олоҥхотун толорууга улахан кылаатын уурбут сүдү салайааччыбыт Анисия Даниловна үлэлээбитэ. Биһиги кини методикатын тутабыт, үөрэтиитин тэтимин быспаппыт«, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Снежана Воронова