Сэтинньи ыйга Олоҥхо күнүн чэрчитинэн олоҥхоһуттар, оһуохай этээччилэр, тимир уустарын ортолоругар Ил Дархан анал стипендията туттарыллыаҕа. Бу туһунан Илиҥҥи экономическай форумҥа СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччыта Марина Силина иһитиннирдэ.
Бу дьыл бэс ыйыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ оһуохай этээччигэ уонна сэттэ тимир ууһугар анал стипендия аныыр туһунан саҥа укааска илии баттаабыта.
Маны таһынан, Марина Силина иһитиннэрбитинэн 50 мөл суумалаах субсидия Олоҥхо дьиэлэрин материальнай-техническэй баазаларын бөҕөргөтөргө уонна айар бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр көрүллүбүт. Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн 11 муниципальнай тэриллиигэ Олоҥхо дьиэлэрэ арыллан үлэлииллэр.
keskil14.ru