А.Е. Кулаковскай аатынан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар Олоҥхо декадата дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Октябрина Николаевна Аввакумова салалтатынан куруутун буоларын курдук былааннаахтык, үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Ол курдук, “Олоҥхо эйгэтин сэгэтэн” кылаастартан талааннаах оҕолор уруһуйдарын быыстапката тэрилиннэ. Хомус күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, алгысчыт, оһуохайдьыт, СӨ үтүөлээх этээччитэ, “Дьохсоҕон олоҥхоһуттара” бөлөх салайааччыта Афанасий Николаевич Попов хомус алыбын туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсээнин сэҥээрэн иһиттибит, оһуохайдаан тэйдибит. Нэһилиэкпит биллиилээх хомусчута, сыана бэтэрээнэ Владимир Петрович Колотинскай таһаарыытынан оҕолордуун, учууталлардыын, Алампа аатынан Норуот айымньытын үлэһиттэриниин бары күргүөмүнэн хомус тартыбыт. Педагог-библиотекарь Лариса Михайловна Саввина “Олоҥхо киэҥ киэлитигэр” кылаас чааһын тэрийбитэ, “Олоҥхо – уус-уран тыл кылаан чыпчаала” кинигэ быыстапкатын туруорбута болҕомтону тарта. Саха тылын учуутала Мария Владимировна Сивцева “Олоҥхо дойдутугар айан”, “Хомус – өбүгэм бэлэҕэ” уруоктара сэргэхтик аастылар. Алын кылаас оҕолоро “Эйэ дэмнээхтик олоруохха” куукула тыйаатырын туруоран үөртүлэр. “Кэскил” оҕо тэрилтэтин салайааччыта Лариса Анатольевна Попова 3-11 кылаас оҕолорун хабан Былатыан Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун быһа тардан көрдөрбүттэрэ улахан сэҥээриини ылла.
Билигин “Кулуһун” эдэр кэрэспэндиэннэр санааларын ааҕыаҕыҥ:
Айтал Попов, 10 кылаас: “Биһиги оскуолабытыгар ахсынньы 2 күнүгэр Олоҥхо күнэ буолан ааста. Онно оскуола оҕолоро кыралыын-улаханныын бары “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону туруордубут. Уопсайа 50 оҕо кытынна. Дьүһүйүүбүтүн көрдөрөрбүтүгэр долгуйбуппут аҕай, ол гынан баран үчүгэйдик кытынныбыт. Мин саамай Дьөһөгөй үҥкүүтүн сөбүлээтим, бары тэбис-тэҥҥэ хамсаммыппыт. Артыыстарбыт бары оруолларын бэркэ толордулар. Ордук үчүгэйдик Симона Макарова Туйаарыма Куону уонна Арсен Матвеев Ньургун Боотуру оонньоотулар дии саныыбын. Маннык кыттан биһиги бу олоҥхону өссө дириҥник биллибит, билиибит-көрүүбүт кэҥээтэ. Өссө да кыттыам этэ. Наһаа интэриэһинэй олоҥхо күнэ ааста. Бастакыбын итинниккэ кытынным уонна наһаа сөбүлээтим”.
Нелли Матвеева, 5 “б” кылаас: “Олоҥхо туһунан уруокка биллиилээх олоҥхоһуттары, олоҥхо үс дойдулааҕын туһунан билбитим. Дьүһүйүүгэ абааһы кыыһа буолбутум уонна Дьөһөгөйгө үҥкүүлээбитим. Итинник кыттар үчүгэйэ диэн бары бииргэ түмсэбит, биир кэлэктиип буолабыт. Оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлииргэ үөрэнэбит сайдабыт. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону өссө үчүгэйдик биллим. Маннык кыттарбын наһаа сөбүлүүбүн. Бары наһаа үчүгэйдик кытынныбыт дии саныыбын”.
Снежанна Иванова, 11 кылаас: “Мин эрдэ саныыр этим: олоҥхону туруоруу чэпчэки буоллаҕа дии, туох ыараханнаах үһү диэн. Онтон бэйэбит туруоран көрөн баран, олус да ыарахан эбит диэн санааҕа кэллим, билигин өйүм-санаам уларыйда. Бары бииргэ түмсэн, оҕолор хас биирдии хамсаныыларын толкуйдуур, ону олоххо киллэрэр уустук эбит. Хата, оҕолорбут түргэнник ылынан иһэллэринэн үчүгэй. Эппиккин-көрдөрбүккүн барытын биирдэ көрөөт өйдүүллэр. Олоҥхону туруоруу биир киһиэхэ ыарахана биллэр. Ол иһин биһиги оҕолор эмиэ салайааччыбытыгар Лариса Анатольевнаҕа бэйэбит санаабытын этэн көмөлөспүппүт”.
Ангелина Попова, 10 кылаас, оскуола президенэ: “Оҕолор бары көхтөөхтүк кыттыбыттарыттан, ким даҕаны сатаабаппын диэн туора турбатахтарыттан, кистээбэккэ эттэхпинэ, соһуйдум. Мин санаабар, Коля Никонов – Үрүҥ Уолан олус үчүгэйдик кытынна, ыллыыра, артыыстыыра дьиҥнээх курдук. Саша Матвеев – Саха Саарын Тойон бастакытын кытынна, бэлэмнэниигэ наар баар буолар, олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаста, үчүгэй баҕайытык туойда. Маннык тэрээһин оҕолор кистээн сылдьыбыт талааннарын арыйарга, биир оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорун кытта тапсарга олус туһалаах”.
Ити курдук, өссө биир олус туһалаах, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһин буолан ааста.
Мария СИВЦЕВА, Дьохсоҕон.