Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр И.Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатыгар Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн «Олоҥхо дойдута» диэн хаартыскаҕа түһэр миэстэни оҥоруу күрэҕэр 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ кылаас салайааччыларын көҕүлээһининэн олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Дьүүллүүр сүбэ уһун мөккүөр, ырытыһыы кэнниттэн бөлөхтөрүнэн арааран маннык түмүгү таһаарда:
алын кылаастарга:
1 миэстэ — 1 кылаас,
2 миэстэ — 2,3 кылаастар,
3 миэстэ — 4 кылаастар.
орто сүһүөххэ:
1 миэстэ — 6 кылаас,
2 миэстэ — 7 кылаас,
3 миэстэ — 5 кылаас.
улахан кылаастарга:
8 кылаас — Гран-при,
10 кылаас — 2 миэстэ,
9 кылаас — 3 миэстэ.
Хас биирдии муннуктар анал тиэмэлээхтэр. Бу күрэх оҕолор, төрөппүттэр, нэһилиэнньэ улахан сэҥээриитин ылла.
«Арылы» пресс-бөлөх, Кэбээйи, Мукучу.