В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата Олоҥхону үйэтитиигэ утумнаахтык үлэлиир. Ол курдук, Матрена Иннокентьевна Владимирова салайар “Эрэкэ-дьэрэкэ” фольклор бөлөҕө олоҥхону уонна саха тылынан айымньытын толорууга кэккэ ситиһиилэрдээх.
Ол курдук, 7 кылаас үөрэнээччитэ Эрчим Николаев чабырҕах, үгэ, остуоруйа, олоҥхо толоруутун “Алгыстаах албан ааттар”, “По истокам традиций” ситиһиилэннэ. Эрчим маны таһынан олоҥхону чинчийиигэ ылсан үлэлиир, Анетта Николаевна Гаврильева салайыытынан суруйбут дакылаатынан “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” фестивальга кыайыылаах буолбута.
Бөҕөстөөн Бүөтүр диэн Эмис кырдьаҕас олоҥхоһутун хос сиэттэрэ аҕыс-балыс Анита, Алгыстаана Константиновалар норуот ырыатын, чабырҕаҕы, олоҥхону кэрэхсэбиллээхтик толорон, көлүөнэ утумун салгыыллар. Араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Анита олоҥхону чинчийиигэ “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” фестиваль дипломана, итиэннэ быйыл “Саха сирин олоҥхоһуттара — эпическэй нэһилиэстибэ хараанньыттара” диэн I өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска оскуола оҕолоругар кыайыылаах аатын ылан, үрдүк ситиһиилэннэ (салайааччы Н.К. Захарова).
Быйыл бөлөх иитиллээччилэрэ Алгыстаан Николаев, Катя Захарова, Алена Гаврильева, Ньургуйаана Устинова эмиэ араас куонкурустарга кыттан, кыайыыга кынаттаналлар.
Оскуолабыт “Олоҥхо дьыктаана-2022” акцияҕа көхтөөхтук кытынна. Барыта 26 киһи бэйэтин ийэ тылын барҕа баайын билиитин, таба суруйар үөрүйэҕин тургутан көрдө.
Олоҥхо декадатыгар анаан оскуолабытыгар үгэс буолбут оһуохай, олоҥхоҕо анаммыт быыстапка, уруһуй күрэҕэ, олоҥхону истии буолбута.
«Кэскил» медиакиин, Эмис орто оскуолата, Амма улууһа.