«Ньургун Боотур» саха олоҥхолоруттан саамай аатырбыт олоҥхо. Манна сахалар аҕа ууһунан олорор кэмнэрэ көстөр. Былыргы саха олоҕо, атын аҕа уустарын кытта сыһыана, өйө-санаата, итэҕэлэ, айылҕа уонна аан дойду туһунан өйдөбүлэ, быһыыта-майгыта, дьиэтэ-уота, аһыыр аһа, туттар сэбэ, таҥнар таҥаһа бүтүннүүтэ бу норуот айбыт улуу олоҥхотугар кэрэ тылынан сиһилии кэпсэнэр.
Олоҥхоҕо айыы бухатыыра Ньургун Боотур абааһылары утары охсуһуута буолар. Бухатыыр бары алдьархайтан быыһанар, бары кыргыстан кыайан тахсар. Бу айымньыга норуот талаана, муудараһа, сырдык олоххо тардыһар баҕата түмүллэн көстөр.
Ороһуга 20 -с үйэ саҥатыгар аҕалыы уол олоҥхоһуттар Фёдор, Петр Тимофеевтар олорон ааспыттара. Фёдор Тимофеев-Биэчэрэ «Аллы Дуллу» олоҥхотун «Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕүн оҕолоро, төрөппүттэрэ ааҕан дьон-сэргэ сэҥээриитин ыллылар. Онтон уһуйаан оҕолоро уонна бөлөххө сылдьар оҕолор П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхону аахтылар. Эһиэхэ олоҥхо киирии тылын Максим Иванов аахпытыттан ыытабыт.
«Тымтык» пресс-киин, Ороһу орто оскуолата.