Нам улууһугар быйыл сайын Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Онон сибээстээн бу 2019 сыл улууспутугар Олоҥхо сылынан биллэриллибитэ.
Хамаҕатта саха-француз лиссиэйин иһинэн “Олоҥхо алгыстаах түһүлгэтэ” диэн декада ыытылынна. Нам улууһун олоҥхоһуттарын үөрэнээччилэргэ билиһиннэрэр соруктаах “Аман өс” күрэх, намнар төрүттэрэ буолбут Мымах кинээс туһунан, Саха сирин былыргы историятын төһө билэллэрин тургутар “Өй оонньуута”, “Олоҥхо ойуулуур-дьүһүннүүр күүһэ” уруһуй, оҥоһук күрэҕэ уонна кылаастарынан олоҥхону туруоруу, олоҥхо тиэмэтигэр өйтөн суруйуу куонкурустара ыытылыннылар. Кылаастар салайааччыларын, төрөппүттэрин кытары олус кыһаллан бэлэмнэнэн кытыннылар.
“Аман өс” тыл этээччилэр күрэхтэрэ икки түһүмэхтээх ааста. Бастакы түһүмэххэ кыттааччылар Нам улууһуттан төрүттээх олоҥхоһуттары кэпсээтилэр. Иккис түһүмэххэ “Айыы бухатыыра”, “Айыы кыыһа”, “Бухатыыр ата”, “Абааһы кыыһа”, “Аал Луук мас” диэн тиэмэлэргэ билиилэрин түмэн, көмө тыллары туһанан, тыл эттилэр.
Алын кылаастарга кыайыылаах II кылаас үөрэнээччитэ Москвитина Сайаана, орто уонна улахан бөлөхтөргө кыайыылаахтар Дьяконова Юрианна (V кыл) Протопопов Миша (Х кыл) буоллулар. Киһи кэрэхсиирэ диэн, кыттыбыт оҕолор олоҥхону сэҥээрэр, олоҥхону толорор оҕолор эбиттэр.
Тыл этээччилэр Нам улууһуттан төрүттээх олоҥхоһуттар тустарынан өйдөбүллээх хаалбыттара, элбэҕи билбиттэрэ саарбаҕа суох.
Алена Шелковникова, учуутал.