Бүтүн Россия оскуолалаларын үөрэнээччилэрин олимпиадата (ВСОШ) сылын аайы тэрээһиннээхтик ыытыллар. Бу олимпиадаҕа араас предметтарынан талыллан оҕолор көхтөөх кыттыыны ылаллар. Манна билиилэрин таһымын, өйдөрүн үөрэх туйгуннара бэрэбиэркэлэнэллэр, тэҥ саастаахтарын кытары куоталаһаллар. Ким элбэҕи билэр, ааҕар, үөрэтэр – ол кыайар.
Ньурба оройуонун иһинэн ыытыллар этапка биһиги, Николай Иннокентьевич Кочнев аатынан 1-Хаҥалас орто оскуолабыт үөрэнээччилэрэ, сылын аайы араас предмэттэргэ кыайыылаах уонна призер аатын сүгэбит. Ол курдук олимпиадник оҕолор сылын аайы үрдүк чыпчаалтан түспэттэр.
Мин санаабар, ити учууталларбыт сыралаах үлэлэрин түмүгэ буолар. Быйыл эмиэ элбэх предметтарга оҕолор ситиһиилэннилэр. Онтон, өссө эбэн эттэххэ, олимпиадалар түмүктэринэн Олег Адамов (10 кылаас), Осип Мачаттыров (9 кылаас), уонна мин, Олеся Петрова (11 кылаас) быйыл үстүү олимпиадаҕа кыайыылаах уонна призёр үрдүк ааттарын сүктүбүт. Биир оҕо хас да көрүҥҥэ үс иһигэр киирэрэ олус хайҕабыллаах уонна киэн туттуулаах суол буолар. Онон оскуолабытыгар уонна учууталларбытыгар махталбыт муҥура суох.
Олеся Петрова, «Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.