Үүнэр 2024 сылы Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэрдэ. Бу үөрүүлээх иһитиннэриини оҕолору кытары ситимнээхтик үлэлиир Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата үөрэ ылынныбыт.
Ольга Семёнова, Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ:
— Дьиэ-кэргэҥҥэ оҕо истиҥи саҕар уонна олох дьиҥ суолтатын уһугуннарар, күннэтэ санатар, сааһылыыр аналлаах. Оҕону төрөппүт, учуутал эрэ такайбат. Кини хараҕын далыгар сылдьар хас биирдии киһи бэйэтин холобурунан: саҥатынан-иҥэтинэн, дьоҥҥо, олоххо сыһыанынан, дьулуурунан такайар, уһуйар.
Сахалыы саҥалаах телевидение сайдыыта оҕо алтыһар дьоҕурун сайыннарыаҕа. Кини көрөөччү эрэ быһыытынан буолбакка, классическай үрдүк хаачыстыбалаах көстүүлээх, хорутуулаах толкуйдаах, үрдүк профессиональнай телевидение үйэтин салгыырга дьулуһуон баҕарабын. Оҕо этэр тылыгар турар, эппиэтинэһи сүгэр уонна харах далыгар сылдьар киһи быһыытынан саастыылаахтарыгар эрэ буолбакка, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар холобур буоларын хара ааныттан өйдүүрүгэр наставниктар — уһуйааччылар ис сүрэхтэриттэн кыһамньылаахтык ылсыахпыт диэн эрэнэбин.
keskil14.ru