Хаһан этэй, ханна этэй, Умсуура диэн ааты сонургуу истибитим? Нам улууһун Хатырыгар «Дьоҕур» общество уус-уран тыл кыһатыгар үөрэнэ сылдьан, сахам тылыгар, литературатыгар, суруйууга умсугуйуум күөдьүйбүтэ. СГУ преподавателэ Варвара Окорокова, итиэннэ оччолорго саха салаатын устудьуона, билигин «Күрүлгэн» сурунаал редактора Афанасий Гуринов-Арчылан Өксөкүлээх Өлөксөй, Түгүнүүрэп суруйааччы, Арбита поэт айымньыларынан кэрэхсэппиттэрэ, Анна Парникова-Сабарай Илгэни илэ көрсүһүннэрбиттэрэ. Сахалыы кинигэлэри ааҕарбытыгар диэн аҕалбыттар этэ. Олор быыстарыгар баар хараҥа кыһыл тастаах, дьоҕус кээмэйдээх «Кэп туонуу» диэн Умсуура хоһооннорун кинигэтин кыргыттар уларса сылдьан аахпыттара.
Ол үлүһүйүү долгунугар мин куустарбатаҕым эрээри, тыл сайыҥҥы кыһатын кэннэ дьиэбэр кэлбитим, дьүөгэм Цивилма Дуткина ол кинигэни көрдөрбүтэ. Онон Умсуура кинигэтин син биир билсибитим. Иккиэн үлүһүйэн аахпыппыт, устунан бэйэбит эмиэ хоһооҥҥо холонон барбыппыт. «Иэйии» диэн бүччүм тэтэрээттэнэн, айбыт хоһооннорбутун бэйэ-бэйэбитигэр ааҕан иһитиннэрэр буолбуппут.
«Бэлэм буолга» бэчээттэммит
Хайдах эбитий, Ольга Николаевна Корякина-Умсуура айар үлэҕэ киириитэ? «Кэскил» хаһыат 2007 с. ахсынньы 17 күнүнээҕи нүөмэригэр «Уран тыл Кэрэ Куота» диэн Умсууралыын кэпсэтиим тахсыбыта. Ол онно кырачаан Оляҕа «суруйааччы буолар эбиппин» диэн хорсун санаа күлүм гыммытын туһунан баар:
– Бастакы хоһооммун III кылааска, айылҕа кэрэтиттэн олус үөрэн, сөҕөн, «Күрүлгэн» диэн ааттаан суруйбутум. Өрүстээх, үрэхтээх, лаглаҕар хатыҥнардаах, өлгөм үүнээйилэрдээх, нэлэмэн сирдэргэ, Уус Тааттаҕа, Харбалаахха оҕо сааһым ааспыта. Аар айылҕам кэрэтин, кистэлэҥин көрөн улааппытым. Ытык Күөлгэ бастаан көһөн кэлэн баран, Пионер күнүгэр ырбаахым тэллэҕэр ньургуһун бөҕөнү хомуйбуппун өйдүүбүн. «Пионер» сурунаалга нууччалыы хоһооннорбун, «Бэлэм буолга» хоһооннору сэргэ, корреспонденциялары ыытарым. Арай биирдэ «Бэлэм буолтан» сүрдээх боччумнаах, улахан киһиэхэ анаммыт курдук, хоһооннорум хаһыакка кыайан тахсыбаттарын туһунан ис хоһоонноох суругу туппутум. Кэлин, VI кылааска сылдьан ыыппыт хоһоонум, IX кылааска биирдэ тахсыбыта.
Эдэриттэн билиигэ баҕалаах
Ольга Корякиналыын СГУ-га бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ, саха биллиилээх поэтессата Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо ахтар:
– Ольгалыын СГУ саха салаатыгар 1976 с.үөрэнэ киирбиппит. Кини атыттартан уратылааҕа эрдэттэн биллэрэ: уу сахалыы, былыргы тыллары кыбытан саҥарара. Харахтара сытыы, бэйэтэ чобуо уол Чуораанчык курдук хорсун, чаҕааран олорор, билиини ыларга олус баҕалаах киһи этэ. Саһан, бүгэн олорорун сөбүлээбэтэ. Көхтөөх, сайда сатыыр санаалааҕа. Хара маҥнайгыттан кэпсэтэн, бодоруһан барбыппыт. Оччолортон кини кута былыргы, саха туһугар туруулаһар, сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар дохсун санаалааҕа. Өлүктүйбүт тыллары кичэйэн үөрэтэрэ. Университекка бастаан үөрэнэ кэлбиппитигэр, Оля оскуолатааҕы форматын кэтэн кэлбит этэ. Үөрэнэрбит тухары иккиэн кууруспутугар хаартыскаҕа түһэрээччилэр этибит. Түгэни тутан үйэтитэрбититтэн астынарбыт. Иллэҥ кэммитигэр, үөрэхпитигэр эмиэ, саарпыгы, атын да таҥастары өрөрбүт.
Худуоһунньук
«Чуораанчык», «Колокольчик» сурунаалларга айымньылаахтык үлэлии сылдьан, кини АГИКиИ «Живопись» салаатыгар киирбитэ. Айар эйгэҕэ соһуйбуттара: «Тыый, Умсуура аны худуоһунньук буолсу», – диэн. Дипломнай үлэтин суруйарыгар миигин «натура» гынаары, кылаабынай редакторбыт Нина Иннокентьевнаттан көҥүллэтэн ыҥырбыта. Онон «Худуоһунньуктар дьиэлэригэр» аҕыйах күн «натурщица» буолбуттааҕым. Дипломнайдарын көмүскээһинэ абытайдаахтык ааһарын илэ көрбүтүм. Киниэхэ «үчүгэй» сыананы туруорбуттара.
Хорсун быһыы
– Биэс сыллааҕыта, Национальнай бибилэтиэкэҕэ Умсуура биһиккини ыҥыран, айар киэһэбитин тэрийбиттэрэ. Кылыһахпытын таһаараары, «Тойук» ансаамбылга Галина Гаврильевна Федороваҕа дьарыктаммыппыт. Онтон Польшаҕа фольклор фестивалыгар кыттыбыппыт. Польшаттан төннөн иһэн, биһигини Далай Ламалыын тиксиһиннэрбит Галина Цеева-Никитинаны кытта чугастык билсибиппит. Сүүрбэччэ хонон баран, от ыйыгар Индияҕа духуобунай үөрэххэ барбыппыт. Ольга билигин онно хаһыс да сылын санскрит, тибет тылын, философиятын сиһилии билсэ, үөрэтэ сылдьар. Мин дөрүн-дөрүн Индияҕа баран эмиэ үөрэнэбин. Кини итиччэ ыраах, ким да сахалыы, нууччалыы кэпсэппэт сиригэр тылы уонна итэҕэл култууратын үөрэтэр кыһаҕа үөрэнэ барбыта туһугар хорсун быһыы, – диир Саргы Куо.
Бүччүм тэтэрээппиттэн
Бу күннэргэ Умсуураҕа анаабыт хоһооммун урукку тэтэрээппиттэн буллум:
Эйигиттэн – итии кэлэр…
Ирэ-хоро кэпсэтэн
Иттэбин ичигэскэр,
Ийэлии илгэлээх
Иэйиилээх эйгэҕэр.
Иэнигийииҥ – сиэтиилээх,
Этэриҥ – эриэккэс,
Ис дьиҥиҥ – кистэлэҥнээх,
Дьикти да киһигин! 29.10.2013.
Айар эйгэ дьонуттан ахтар-суохтуур дьоммуттан биирдэстэрэ – Умсуура. Кинини кытта алтыһыыларым, кэпсэтиилэрим, ыраах айаннарым умнуллубаттар.
Ааптар: Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
2016.07.15, Fri. Clossing of Tib. Lang. Course in LTWA