Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Амма Солобуодата тэриллибитэ 370, О. П. Иванова-Сидоркевич төрөөбүтэ 90, Амматааҕы айар сайдар киин тэриллибитэ 50 сылларын көрсө үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич аатынан сквер арылынна.
Сквер ППМИ программатынан уонна Амма, Соморсун нэһилиэктэрин олохтоохторун көмөлөрүнэн тутулунна. Тутууну сүрүн бэдэрээтчит Яков Васильевич Игнатьев салайан ыытта. Бырайыак ааптара Мария Слепцова буолар. Көҕүлүүр бөлөххө үлэлээтилэр Иванна Шестакова, Феврония Данилова, Вероника Давыдова, Александра Егорова, Петр Попов.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар Ольга Петровна Амма айылҕатын харыстабылыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит ытык киһи буоларын эттилэр.
Амма улууһун үрдүнэн аан бастакынан ыллыыр скамейкалардаах, сыаналаах, уоттаах-күөстээх сквер буолла. Кюар куод нөҥүө Ольга Петровна ырыаларын истиэххэ, тылларын көрүөххэ сөп. Маны таһынан Ольга Петровна олоҕуттан сүрүн чахчылары ааҕан билиэххэ сөп.
Сквер тутуллуутугар ППМИ программатынан республиканскай бюджеттан 1,5 мөлүйүөн солк. көрүлүннэ, тэрилтэлэртэн уонна нэһилиэнньэттэн 270 000 солкуобай хомулунна.
Василий Кочаткин сахалыы сиэринэн сквер кэнчээри ыччакка өссө да уһун үйэлэргэ үгүс үөрүүнү-көтүүнү, сайдыыны аҕала турдун диэн алгыс тылынан арчылаата. Сайын устата Яков Игнатьев биригээдэтэ бэриниилээхтик, үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрин иһин Амма нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан махтал суруктары туттулар. Сквер Амма улууһун биир кэрэ көстүүлээх, тупсаҕай оҥоһуулаах, кэнсиэртиир сыаналаах, аныгылыы уоттаах-күөстээх олохтоохтор уонна ыалдьыттар сынньанар сирдэрэ буолла.
Сквер аһыллар аалай лиэнтэтин Амма улууһун баһылыгын э.т. Степан Кузьмин, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев уонна Ольга Петровна кыыһа Вера Шилова быстылар.
Амма олоҕо