Олунньу 9-13 күннэригэр Талыы Таатта сириттэн-уотуттан «Олоҥхо суолунан айан» бырайыак кыттыылаахтара Таатта олоҥхоһуттарын түмсүүтүн салайааччыта Егасова А.М., олоҥхо толорооччулар Маркова Р.С, Николаев А.Н., Дьячковскай Н.П. «Ийэ тыл күнүн» чэрчитинэн Кэбээйигэ ыалдьыттаан бардылар.
Бу тэрээһини Кэбээйи улууһун, СӨ норуот маастара Софронеева Елизавета Константиновна көҕүлээн ыытта.
Ытык — мааны ыалдьыттар биһиги оскуола оҕолоругар маастар — кылаас ыыттылар. Олоҥхо тойугар, чабырҕахха, хомуска эрчийдилэр. Оҕолор бастакы күн олохтоох кыраайы үөрэтэр музейга кэлбит ыалдьыттарга анаан олоҥхолорун толордулар, норуот ырыаларын ыллаатылар, хомуска оонньоон дьүрүһүттүлэр, чабырҕахтаан чаҕаардылар.
«Олоҥхо Дьоро күннэригэр» үөрэтэр дьарыктар, Кэбээйи олоҥхоһута Кырса Сөдүөт «Биэ Уола Бэйбэлдьин Тулаайах » олоҥхотун быһа тардан Таатталар үөрэтэн уһуйбут бөлөхтөрүн толоруута, саҥа саҕалааччылары толорууга холонуутун дьон сэргэ көрүүтүгэр таһаардылар, ол кэннэ «Төгүрүк Остуол» тула атах тэпсэн олорон санаа атастаһыыта ирэ хоро кэпсэтии буолла.
Ийэ тылбыт сүөгэйэ сүмэтэ иҥмит өбүгэбит Ийэ Тылынан Муҥутуур Чыпчаала — Олоҥхо үүнэ-сайда туруорхтун!
«Дьоҕур» пресс-киин,
Кэбээйи орто оскуолата