Мин Бүтүн Россиятааҕы «Океан» лааҕырга сынньанан кэллим. «Океан» — Владивосток куоракка баар оҕо-ыччат барыта талаһар дойдубут биир саамай үчүгэй лааҕыра буолар. Манна мин дойдубут араас муннуктарыттан кэлбит элбэх араас омук оҕолорун кытта доҕордостум. «Океаҥҥа» барыта холбоон уон биэс этэрээт баар. Биһиги этэрээппит спорт хайысхалаах этэ.
Күн аайы үтүмэн интэриэһинэй күрэхтэһиини, элбэх тэрээһини ыыталлар. Хас биирдии дьарык олус туһалаах, наадалаах. Онон оҕо барыта дьарыкка, тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө барара, ким даҕаны туора турбата.
Онон «Океан» лааҕыр миэхэ оҕо сааһым чаҕылхай өйдөбүлэ буолан, өйбөр-санаабар хаалла.
Алиса Никонова, 10 «Б» кылаас.
Ытык Күөл 1 №-дээх оск.