«Сулусчан» дизайнерскай устуудьайа ахсынньы ый саҕана «Ойуур оҕолоро» диэн ааттаах алын сүһүөх оҕолоругар аналлаах сахалыы тылынан комикс оҥорон таһаарда. Буруолуу сылдьар таһаарыы ахсынньы 26 күнүгэр сүрэхтэниитэ буолан ааста. Комикс СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтин, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин уонна «Технопарк Якутия» тэрилтэ өҥөлөрүнэн таҕыста.
Комикс 1000 тираһынан тахсан, өрөспүүбүлүкэ бары бибилэтиэкэлэригэр тарҕанна. Ааптар, худуоһунньук «Сулусчан» устуудьуйа салайааччыта Ростислав Павлов, концепт-худуоһунньук Марк Павлов, шрифтовик Александра Захарова, тылбаасчыт Лада Степанова, менеджер Айталина Заморщикова буолаллар.
Ааптар комикс оҥоруутугар саха фольклоругар, үһүйээннэригэр, номохторугар олоҕуран оҥорбута биллэр. Оҕолорго өйдөнөр, тиийимтиэ тыллаах, ис хоһоонноох буолан судургутук ылыныллар. Ис хоһооно салгыы сайдар, түмүгэ суох, онон комикс атын чаастара күн сирин көрөллөрүн эттиллэр, ону таһынан тираһа элбиирэ күүтүллэр.
Саха тыла биир сайдар суола дьиэ кэргэнтэн, кыра саастаах оҕолорго үөрэтииттэн уонна тарҕатыыттан саҕаланар. Оҕолор интэриэстэрин тардар ураты ис хоһоонноох, өйдөнөр судургу тыллаах уонна дьэрэкээн ойуулардаах комикс хас биирдии дьиэҕэ баар буоларыгар баҕарабыт.