Бүгүҥҥү күнү көрөн турардыы…
Улуукан киһи! Улахан суруйааччы! Былатыан Ойуунускай! 1927 сыллаахха Москуба куорат киэҥ киэлитигэр «Сүүс сыллаах улуу былаан» суруллубутун билиҥҥи оҕо ыччат сөҕүөхпүтүн сөҕөбүт. Бүгүҥҥү күнү көрөн турар курдук суруйбута,дьэ, сөҕүмэр! П.А.Ойуунускай саха норуотун дьолугар төрөөбүт, айылҕаттан айдарыылаах, үрдүк аналлаах ураты киһи буолар. Кини саха дьонун инники олоҕун өтө көрбүтүн оҕо өйбүнэн олуһун диэн сөҕөбүн. Кини билиҥҥи көтөр аалбытын,тимир үйэ сайдыытын, олохпут тупсуоҕун бу баардыы ыралаабыта киһи аймаҕы сөхтөрөр.
Улуукан киһиэхэ саха норуота дириҥник сүгүрүйэр, ытыктыыр. Олоҥхолорунан даҕаны үрүҥү-хараны, сырдыгы-хараҥаны, үчүгэйи-куһаҕаны араарарга оруннаахайдык үөрэтэр. Кини айбыт саха омук саамай үрдүкү муударай чыпчаалынан буолар айымньыларын сөҕө-махтайа ааҕабыт. Ойуунускай ураты аналлааҕын киһи-аймах бу орто дойдуга тэҥ бырааптаах буоларын ситиһэр Саха автономиятын төрүттээбиттэрэ да туоһулуур. Биир дойдулааҕым уонна саха уус уран литературатын бастакы төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларынан олус киэн туттабын.
Алина Унарова, VIII “А” кылаас.
Норуоту үчүгэй санааҕа салайар
П.А.Ойуунускай үлэтин бастакы этиититтэн улуус аатын харыстыыра тута өйдөнөр. Сэтинньи ыйга ситэриилээх кэмитиэт мунньаҕа буолар. Манна учууталлар, луохтуур тутаах дьон буолаллар. Пионер оҕолор кытары бааллар. Большевик партия сэкирэтээрэ Өргөстөөх Өлөксөй, аата да этэрин курдук, сытыы-хотуу, туохтан да иҥнэн турбат, ыксаллаах-тиэтэллээх, элбэх саҥалаах-иҥэлээх киһи эбит. Мунньахха кэлбит киһи барыта бэйэтин эрэ кыһалҕатын туруорсан, ол туһунан эрэ истиэн эрэ баҕарар. Ситэриилээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Толоруулаах Доропуун эмиэ, аатыттан да сылыктаатахха, большевик партия тугу эппитин халбаҥнаабакка толорор киһи. Ол эрээри табахсыт эбит. Кини олус улахан истэриэскэ сылдьар буолуон сөп. Ол иһин табахтаан уоскуйар адьынаттаах. 1947 с. кооперация сайдарын, 1967 с. таас «нуучча” дьиэтэ дэлэйэрин, төлөпүөн, араадьыйа, аптамабыыл, көтөр аал баар буоларын, 1977 с. улуу уураах ылыналларын, 1987 с. дьон-норуот холбоһон, таас дыбарыаска олорорун, 1997 с. кураан суох буоларын, 2010 метеостанциялар үөдүйэллэрин, 2013 с. дьон эдэригэр түһэрин, 2017 с. коммунизм, дьоллоох олох кэлэрин өтө көрөр кэриэтэ эппит. Манан 1927 сылтан саҕалаан, 2017 сылга диэри былаан ылыммыттар уонна толорорго тэриммиттэр. Бу кэпсээн дьоруойа өркөн өйдөөҕүн, бүгүҥҥү күнүнэн эрэ олорботун, кэлэр кэми ойуулаан көрдөрөн, норуоту үчүгэй санааҕа салайар улуу киһи буоларын көрдөрөр.
Саша Герасимов, VIII “А” кылаас.
Биир сомоҕо буолан
“Сүүс сыллаах улуу былаан” (оҥоһуллан эрэр олоҥхо) айымньыны аахтым. Киһини сөхтөрөр! Мин, сарсыҥҥы күнүм хайдах салалларын билбэккэ сылдьар киһи, cүрэҕин бу проза жанрдаах уус-уран айымньы долгутта. Киһи күннээҕинэн олорбокко, ааспыт кэмтэн кэһэлтэ буолбакка, кэлэр кэмин былаанныахтаах эбит! Манна сэбиэскэй кэминээҕи нууччаттан киирии тыллар оччолорго уларыйбакка суруллаллар эбит: “большевик партия ячейката”, “коммунист партия”, “ситэриилээх комитет”, “пионер”. Бырааһы луохтуур дииллэр эбит. Учуутал, эмчит, кээпэрэтиип дьоно, дэлэгээт, көмөлтө үлэһит, остуорас – бары нэһилиэк үлэһиттэрэ. Айымньы сүрүн идиэйэтинэн улууһу сайыннарарга баар кыһалҕаны аһаҕастык туруорсан, биир сомоҕо буолан, бары бииргэ былааннаан, үлэни тэҥҥэ үллэстэн, кыайыыны ситиһии эбит.
Аня Жуллярова, Х “А” кылаас.
Билгэлиир айымньы
«Сүүс сыллаах улуу былаан» дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт дии санаатым. Бу үлэҕэ этиллибит санаа үксэ барыта туолбут. Былатыан Ойуунускай көстөн турар кырдьыктаах олоҕу өтө көрөн суруйбут. «Сүүс сыллаах улуу былаан» билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ тиийэрбитин билгэлиир айымньы буолар. Тыла-өһө өйдөнүмтүө судургу тыллаах. Ааҕан баран ис хоһоонун тута өйдөөтүм.
Аэлита Гаврильева, VIII “Б” кылаас.
Эппитэ барыта эбэм, эһэм дьоллоох “сэбиэскэй” диэн ааттыыр ахтылҕаннарыгар баар
Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт норуотун сырдьык дьылҕатыгар олус эрэнэрэ бу сүүс сыллаах олох устатын сайдыытын уот харахха өтө көрбүт суруйуутун аахтым. Өссө үчүгэйдик өйдөөрү, аудио устууну иһиттим.
Дьэ, чахчы да бу эттэххэ дөбөҥ эрээри, сүүс сыл диэн уһун кэм. Маннык уустук кэмнэр кэннилэриттэн бачча үчүгэй олох кэлиэхтээҕин ыраланан эрэ буолбакка, чахчы буолан ааспытын айымньыны уонна ааспыт үйэ уонна билиҥҥи кэм олоххо сайдыытын тэҥнээн көрдүм, ырыттым.
Бу «оҥоһулла сылдьар олоҥхо” диэн ааттаабыт улуу былааныгар норуот итэҕэйэн, улуу олоҥхону истэр курдук ылынан, бу этиллибит барыта ааспыт сүүс сылга туолбутун наһаа сөхтүм. Мин эбэм, эһэм дьоллоох “сэбиэскэй” диэн ааттыыр дьикти ахтылҕаннарыгар, оҕо саастарыгар, эдэр кэмнэригэр эппитэ барыта баар.
Онтон биһиги көлүөнэҕэ бу былаан туох суолу хаалларыай, туох дьиктигэ аҕалыай диэн толкуйдаан көрдөхпүнэ маннык: олох тосту уларыйан, эрэйгэ-муҥҥа тиэрдэр куттала суох буолуо диэн эрэнэбин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги үрдүбүтүнэн бу былаан кэрдиистэринэн толору дьоллоохтук олорбут, оҥорсубут аҕа көлүөнэбит биһигини көмүскүүр, иитэр, такайар, уһуйар. Онон бу былаан өссө да суолтатын сүтэриэ суоҕа, Ойуунускай аата мэлдьи ааттана туруо.
Владилена Анисимова, VIII “Б” кылаас.