Быйылгы үөрэх дьыла биһиги улууска олус сонуннук саҕаланна. Ол курдук балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Чөркөөххө Саха литературатын төрүттээбит суруйааччы, саха норуотун чулуу уола П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө «Мин туйгун норуотум-айар күүс кыһата» диэн «Ойуунускай ааҕыылара» өрөспүүбүлүкэ оҕолорун түмтэ.
Биһиги оскуолабытыттан ааҕыыларга кыттар делегация ситиһиилээхтик кытынна. Бастакы күн Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар Мунха Дэлбэрийбиккэ ыытылынна. Оскуоланан түһүлгэ оҥостон, араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ кытынныбыт. Ааҕыылары арыйыы киин трибунаҕа ыытыллыбыта, кэлбит ыалдьыттары көрдүбүт, тылларын-өстөрүн иһиттибит.
Мин пленергэ кыттан Таатта үрэх кытыытыгар олорон айылҕаны ойуулаабытым. Пленэр 5 хайысханан ыытыллыбыта: пейзаж, архитектурнай пейзаж, этнографическай натюрморт, түргэнник дьүһүйүү уонна олоҥхону истэ олорон дьүһүйүү. Айылҕаны дьүһүйүү — бэйэтэ ураты иэйиилээх дьарык. Сарсыарда уон чаастан киэһэ түөрт аҥаарга диэри олорон уруһуйдаабытым уонна бириэмэни билбэккэ хаалбытым. Күһүҥҥү сөрүүнтэн иҥнибэккэ кыттааччы элбэх этэ, оҕо искусствотын оскуолаларын художественнай кылааһыгар уонна оскуолаҕа үөрэнэр уруһуйдьут оҕолор кыттыбыппыт. Быыһыгар улахан дьон эмиэ кыттыыны ылбыттара, онон алаас ортотугар, үрэх кытыытыгар, талах быыһыгар элбэх уруһуйдьуту көрөн ааһыахха сөп этэ.
Оскуолабыт оҕолоро кыттыбыт көрүҥнэригэр үксүгэр миэстэлэспиттэрэ. 9 кылаас үөрэнээччитэ Алина Таппырова тойукка кыттан иккис миэстэ, оһуохайга бастакы миэстэ буолбута, Таппырова Алёна чабырҕахха бастаабыта, «Сырдыгынан сыдьаайан» таабырын түһүлгэтигэр үһүс миэстэ буолбута. Онтон «Кэскил» хаһыат үлэһиттэрэ тэрийбит Ойуунускай олоҕун, буола турар ааҕыылары сырдатар эркин хаһыатын таһаарыы конкуруһугар биһиги оскуола биэс киһиилээх хамаандата бастыкы миэстэни ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ оҕолоро сынньанар «Сосновый Бор» лааҕырдарыгар путёвканы бастыҥ кэпсээччи диэн бэлиэтээн туран Алена Таппыроваҕа туттарбыттара.
Суруйааччы хоһоонун нууччалыы тылбааһын ааҕыы конкуруһугар кыттыбыт эдьиийдии быраат Айсана, Руслан Собакиннар 2 миэстэни ылбыттара.
Биир үөрүүлээх түгэнинэн Таатта үрэҕи туоруур аныгылыы муоста тутуллан үлэҕэ киириитэ буолар.
Киэһэтин кэлии оҕолор оскуолаҕа кылаастарынан түһэн олус үчүгэйдик хоннубут. Ытык Күөлтэн «Ситик» оҕо общественнай түмсүүтүн оҕолоро кэлэн Доҕордоһуу биэчэрин тэрийбиттэрэ: оонньоппуттара, гитаранан ырыа ыллаабыттара уонна бары үҥкүүлээбиппит.
Иккис күн курэхтэһиитэ, тэрээһинэ барыта оскуола иһигэр буолбута. «Уран оҥоһуктан наука эйгэтигэр» НПК-ҕа кыттан Дьулус Боппосов 2 миэстэни, «Өбүгэ мындыра имигэс талахха» — ытык оҥоруутун күрэхтэһиитигэр абаҕата Михаил Трофимович Боппосовтыын кыттыбыт III кылаас үөрэнээччитэ Сахайаан Боппосов 1 миэстэни ылары ситистилэр.
Спортивнай түһүмэххэ Саха ЕМБЛ хомуур күрэҕэр Сайыына Сидорова (IX кылаас) бастакы, Элеонора Кусатова (VII кылаас) үһүс миэстэни ылары ситистилэр.
Уус-уран оҥоһук быыстапкатыгар оскуолабыт уран тарбахтаах уруһуйдьут, иистэнньэҥ кыыһа Виолетта Неустроева оҕуруонан, сиэлинэн киэргэллэринэн, араас оҥорбут куклаларынан кыттан бастаабыта, онтон мин ынах муоһунан оҥорбут олоҥхом геройдарынан кыттан иккис үктэли ылары ситистим.
Биһиги оскуолабыт тэрийэн ыыппыт «Оҕо саас күннээх оһуохайа» курэхтэһиигэ барыта 15 этээччи күрэхтэстэ. Биһиги оскуолабытыттан Харитон Постников уонна АлинаТаппырова кыттыбыттара.
Улуустар бары тус-туспа оһуохай этэллэрин, үҥкүүлэрэ уратылааҕын биллибит. Ол курдук, Тааталардыы, Бүлүүлэрдии, Аммалардыы оһуохайдаатыбыт. Мин ордук Аммаллыы оһуохайы биһирээтим. Уруһуйум быыстапкаҕа туран, түмүгү кэтэһэ таарыйа оһуохайга барытыгар кыттыбытым.
Мин тус бэйэм уус-уран оҥоһук түһүлгэтигэр бастыкы уктэли ылбытым уонна өйтөн суруйууга үһүс үрдэли ылыым, атын улуус, оскуола оҕолорун кытта билсиим буолар.
Онон маннык тэрээһиннэр өссө да ыытылла тураллара барыбытыгар наада. Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай аата хаһан да умнуллубатын, куруук кини төрөөбүт алааһа оҕолору кэрэҕэ, билиигэ сирдии турдун.
Ангелина Данилова, Х кылаас,
Уолба орто оскуолата, Таатта.