Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Таатта Чөркөөҕөр Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах «Ойуунускай ааҕыылара» ыытылла турар. Быйылгы тэрээһин хайысхата кэҥээн, «Мин туйгун норуотум — айар күүс кыһата» культурнай-үөрэтэр форум быһыытынан тэрилиннэ.
Улуу убайбыт төрөөбүт-үөскээбит, киһи буолан үүнэн тахсыбыт Муҥха Дэлбэрийбит алааһыгар өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан үгүс оҕо муһунна. Улуус баһылыга Михаил Соров «Ойуунускай ааҕыылара» саха оҕотугар улахан суолталаах тэрээһин буоларын бэлиэтээн эттэ: «Өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар үлэлии-хамсыы сылдьар эдэр дьонтон Таатта улууһун туһунан ыйыттахпына, «биһиги оҕо сылдьан «Ойуунускай ааҕыыларыгар» кыттыбыппыт, кини төрөөбүт алааһыгар сылдьыбыппыт» , — диэн киэн тутта этэллэр. Муҥха Дэлбэрийбит — олох ханнык да түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэригэр өйү-санааны сааһылыыр, киэҥ толкуйу иҥэрэр, эрэли, сырдыгы үөскэтэр ытык дойду. Мунчаарар, мунаахсыйар күннэргитигэр Ойуунускай төрөөбүт балаҕаныгар, үөрэммит оскуолатыгар кэлэн, улуу убайбыт тыынын иҥэринэр, кининилии истиҥник кэпсэтэр буолуҥ».
СӨ үөрэҕин миниистирэ Ирина Любимова тастан киирэр атын сүүрээннэр, атын өйдөбүллэр олоҕу дьалкытар кэмнэригэр «Ойуунускай ааҕыылара» биһиги оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар дириҥ толкуйу иҥэрэр суолталаах тэрээһин буоларын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Ойуунускай ааҕыыларын» бастакы тэрийээччитэ, педагог, педагогическай наука кандидата Екатерина Чехордуна Былатыан Ойуунускай сүдү аата-суола, оҥорбут үлэтэ, олоҕун холобура оҕо киһилии киһи буолан үүнэн, үрдээн тахсарыгар улахан олугу уурсар суолталааҕын туһунан бэлиэтээн эттэ. «Ама, мин Ойуунускай сүүрбүт-көппүт кырдалларынан, кини хаампыт сирдэринэн хаама сылдьабын дуо?» диэн санаа оҕо ханнык кэмҥэ олороруттан тутулуга суох киэн туттуу санаатын үөскэтэр.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бу форумҥа икки улахан түһүлгэни тэрийэн ыытта. Былатыан Ойуунускай үөрэммит оскуолатын балаҕан дьиэтигэр оҕолор икки улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.
«Омук баайа — ыал эйгэтэ» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттааччыларбытын кытта аргыый наллаан олорон өр кэпсэттибит. Оҕолорбут Ойуунускай айымньыларыгар тирэҕирэн, ыал норуот кэскилин түстүүр суолтатын туһунан хардарыта санаабытын үллэһиннибит.
Чөркөөх орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Карина Слепцова бэйэтин дьиэ кэргэнигэр холобурдаан, саха төрүт дьарыгын туһунан кэпсээтэ. Карина — тыа сирин аныгы ыалын оҕото. Сүөһүнү, сылгыны иитии, оттооһун киниэхэ тус бэйэтигэр туох суолталааҕын туһунан санаатын үллэһиннэ.
А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй 7 кылааһын үөрэнээччитэ Алексей Саввин Былатыан Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» айымньытын физика предметин кытта алтыһыннаран көрөр. «Бу айымньы ис хоһоонун өйдүүрбэр аҕабын кытта куйуурдаабытым көмөлөспүтэ. Былатыан Ойуунускай оҕо сааһа уонна биһиги оҕо сааспыт быдан атын эрээри биһиги мантан иҥэринэрбит элбэх. Төрүт дьарык туһунан билэбит. Киһи айылҕаны кытта биир ситимнээҕин көрөбүт. Ас-таҥас кыһалҕата тирээн кэллэҕинэ, айылҕа барахсан биһигини аһатар кыахтааҕын билэбит. Ойбоҥҥо куйуур хайдах быһыылаахтык хамсыыра физика сокуоннарын кытта сибээстээҕин эмиэ көрөбүт», — диэн Алексей санаатын үллэһиннэ.
Чэмэлиинэ, Уйгулаана, Лидия Петровна, Александр Иванович Аргуновтар — Ытык Күөл олохтоохторо. Былатыан Ойуунускай олоҥхотун дьоруойдара Туйаарыма Куо уонна Кыыс Ньургун уобарастара дьиэ кэргэн олоҕор күннээҕи олоҕор куруук бааллар. Кыыс оҕону иитиигэ олоҥхо бу икки уобараһын алтыһыннары тутан көрөллөрө Аргуновтар биир уратылара буолар. «Туйаарыма Куо нарынын-намчытын, Кыыс Ньургун хорсунун холбуу туттахха, аныгы саха кыыһын сиэрдээх-майгылаах уобараһа тахсан кэлэр», — диэн Аргуновтар дьиэ кэргэн этэллэр.
Саха ыалыгар эбээ суолтата олус улахан. Ол холобурун Ытык Күөл олохтооҕо Розалия Егоровна Терякова сиэннэрин Сайаана, Александр Дьяконовтары кытта кэпсээтэ. 10-ча араас суол этинэн сыл тахсар ыалга үлэ бастакы миэстэҕэ турар. Розалия Егоровна оҕону иитиигэ тирэнэр тирэҕэ — саха төрүт үгэстэрэ. Үгэс баар буоллаҕына, үлэ баар. Үлэ баар буоллаҕына, иитии баар. Бу улахан дьиэ кэргэн эбэтэ Розалия Егоровна Терякова тутуһар сүрүн санаата.
Иккис улахан түһүлгэбитигэр оҕолорбут «Ойуунускайдыын көрсүһүү» диэн литературнай хаһыат оҥордулар. Күн устата Муҥха Дэлбэрийбиккэ сылдьан, көрөн-истэн, кэлбит ыалдьыттары кытта кэпсэтэн, матырыйаал хомуйан, ону барытын түмэн, икки чаас устата суруйан-бичийэн хаһыат оҥорон таһаардылар. «Былатыан Ойуунускай үөрэммит оскуолатын балаҕан дьиэтигэр көмүлүөк сырдыгын иннигэр олорон хаһыат оҥорбуппутун умнуохпут суоҕа. Илиинэн үлэлиир сылаалаах соҕус эрээри, интэриэһинэй баҕайы», — диэн оҕолорбут олус сэргээтилэр.
Бииртэн биир баай ис хоһоонноох, интэриэһинэй уруһуйдаах хаһыаттары көрөммүт бэйэбит эмиэ сэргээтибит.
Кыайыылаахтарынан «Уолбан» (Уолба оскуолата), «Юность» ( Уус Таатта оскуолата), «Сайдыс» (Тыараһа орто оскуолата), «Сыккыс» (Соморсун орто оскуолата) хаһыаттар ааттаннылар.
«Ситим» хаһыат (Ытык Күөл оскуолата) — «Бастыҥ ааптарыскай тиэкис»,
«Мичил» (Чөркөөх орто оскуолата) — «Бастыҥ графическай холонуу» анал ааттары ылан, грамотанан, бириистэринэн бэлиэтэннилэр.
Сардаана МАТВЕЕВА, Мария ИВАНОВА.