Мин аатым Эмилия Заболоцкая, Орто Халыма улууһун Г. Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэбин. Бүгүн өс хоһооно, саха омук мындыр өйө, ыччакка умнуллан эрэрин туһунан санааларбын үллэстиэхпин баҕарабын.
Хас биирдии норуот өс хоһоонугар норуот өйө-санаата, туохха тардыһара, тугу сөбүлүүрэ, сирэрэ, хайгыыра, тугу күлүү гынара өтө көстөр. Өс хоһоонун саҥарар саҥаҕа туттан баай тыллаах дьон буолабыт. Ол иһин суруйааччылар айымньыларыгар өс хоһооннорун элбэҕи көрсүөххэ сөп.
Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ, ыччат дьон саха тылын умнан эрэр, өс хоһооннору саҥарар саҥаларыгар туттубат. Оттон өбүгэ номоҕо – өс хоһоону ис хоһоонун өйдөөн, саҥарар саҥабытыгар тутуннахпытына, билэн сөргүттэхпитинэ, аныгы ыччат дьон тылбыт баай буолуо этэ.
Билигин түргэн, тэтимнээхтик сайдар олохпутугар төрүт тылбыт суолтата намтаан эрэр. Ону хаһыаттарга, телевизорга, араадьыйаҕа элбэхтик сырдаталлар. Бу сүрүн биричиинэтинэн — сахалыы саҥарбат буолуу. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор улам-улам сахалыы кинигэни аахпат буолан иһэллэр. Кэпсэтэллэригэр араас омук тылын булкуйан саҥараллар. Оттон аахтахтарына, улахан аҥардара тугу аахпыттарын өйдөөбөттөр. Ол уус-ураннык суруллубут тыллар ис хоһооннорун билбэттэриттэн тахсар эбит.
Хомойуох иһин, кылааһым оҕолоро уонна мин бэйэм эмиэ итинтэн туора турбаппыт. Сорох тыллары учууталбыт эрэ быһаардаҕына өйдүүр кыахтаахпыт. Учууталбыт өйдөммөтөх кэрчиктэри тылынан быһааран баран, ким хайдах өйдөөбүтүн уруһуйдаан кэлэргэ сорудахтааччы. Биһиги уруһуйдуурбутун олус сөбүлүүбүт, ол иһин ити сорудаҕы үөрэ-көтө толорооччубут. Маныаха тирэҕирэн, мин учебникпытыгар баар өс хоһооннорун ойуулаан, өс хоһоонун ойуулаах тылдьытын оҥорорго санаммытым.
Уруһуй — өс хоһоонун үөрэтиигэ олук уурар аналлаах. Кылааһым оҕолоро ойуулары көрөн, өс хоһооннорун ис номоҕун түргэнник өйдүүргэ көмөлөөҕүн туһунан эппиттэрэ. Онон ойуу нөҥүө оҕолор өс хоһоон ис хоһоонун өйдөөн, саҥарар саҥаларыгар, күннээҕи олохторугар туттуохтарын сөп.
Биир бэйэм өс хоһооннору уруһуйдааммын, кинилэр үөрэтэр суолталарын дириҥник өйдөөтүм, ис хоһооннорун ойууннан тиэрдэргэ элбэхтик өйбөр оҥорон көрдүм, онон бэрт элбэххэ үөрэнним. Суруллубуту ааҕан, этиллибити истэн эрэ үөрэнэр чуҥкук соҕус, онуоха ойуулаах тылдьыт көмө буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Эмилия Заболоцкая, 5 кылаас,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост эдкора