Ойор күннээх, кустук өҥнөөх оҕо сааһым биир кэрэ, умнуллубат түгэнэ — Бүтүн Арассыыйатааҕы «Орлёнок» пионерскай лааҕыр буолар.
Быйыл Пионерия тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, ыам ыйын 19 күнүгэр «Орлёнок» лааҕырга араас кэмнэргэ сынньаммыт оҕолор түргэн соҕустук хомулла охсон, пионерскай атрибуттаах республиканскай сборга Дьокуускайга муһуннубут. Тэрээһиммит сбор хаамыытын барытын тутуһан: этэрээт аатыттан саҕалаан, речёвка, девиз, ырыа аргыстаах, барабаан доҕуһуоллаах, рапорт биэрэн, ити күн аан бастакыбытын да көрүстэрбит, үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Бука бары оҕо сааспыт умнуллубат, чаҕылхай кэмин ахтан, санаан, орлятскай ырыалары ыллаан, оонньуулары оонньоон, ахтар- саныыр лааҕырбыт олоҕуттан биир күнү хаттаан эргиппит саҕа сананныбыт…
Хаҥас Кайдалова А.В., 1975 с., уҥа Парнякова С.Н., 1976 с. «Орлёнокка» сынньаммыттара.
Оскуолаҕа үчүгэй үөрэҕим, оскуола олоҕор актыыбынайдык кыттарым (пионерскай дружина председателэ этим) иһин 1976 сыллаахха атырдьах ыйыгар Бүтүн Сойуустааҕы «Орлёнок» пионер лааҕырыгар путёвка биэрбиттэрэ. Саха сириттэн отучча оҕо буолан Хара муораҕа тиийбиппит. Өрөспүүбүлүкэбит араас оройуоннарыттан: Булуҥтан Галя, Ньурбаттан Юра, Мэҥэттэн Саргылана, Уус Алдантан Варя, Амматтан Гена, Томпоттон Ганя, куораттан Андрей диэн оҕолор баалларын өйдүүбүн. Намтан соҕотох этим. «Орлёнок» лааҕырга 15 Союзнай өрөспүүбүлүкэлэртэн араас омук оҕолоро сынньана, пионерскай үлэҕэ үөрэнэ кэлэллэрэ. Лааҕыр 5 дружиналааҕа: «Комсомольскай», «Звёзднай», «Штормовой», «Стремительнай», «Солнечнай». Онно этэрээттэринэн олорон 21 күн устата лааҕыр олоҕо диэн тугун билэн, күн аайы араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга этэрээтинэн, дружинанан кыттан, ырыа, үҥкүү, араас оонньуулары үөрэтэн олус интэриэһинэй эйгэҕэ олорон ааспыппын олоҕум кэрэ түгэннэриттэн биирдэстэрэ диэн астына саныыбын.
Хара муораҕа дуоһуйа сөтүөлүүрбүт, медузалары, дельфиннэри элбэхтик көрөрбүт. Күһүн буолан ыаллыы колхозка иккитэ субботникка бара сылдьыбыппыт. Дьаабылыканы алларааттан туран ураҕаһынан анньан, мастан тоҕо солоон суулларалларын аан маҥнай дьиктиргии көрбүтүм, сороҕун уолаттар маһыгар тахсан эккирээн түһэрбиттэрэ, от күөх, кыһыл, араҕас дьаабылыкалары тото сиэбиппит. Томаттарын хортуоска бааһынатын курдук олордоллорун тыа оҕото аан маҥнай көрбүтүм. Помидору сиэн көрөн баран олох сөбүлээбэтэхпин өйдүүбүн. Санаабар, минньигэс буолуо дии санаатаҕым, эчи кыһыла, бөдөҥө бэрт этэ. «Комсомольскай» дружинаттан тэйиччи турар оскуолаҕа баран нэдиэлэҕэ үстэ сүрүн предметтэргэ үөрэнэр этибит. Үөрэхпитигэр хас сыананы ылбыппытын таабылга суруйан, бэйэбитигэр биэрэн ыыппыттара.
Лааҕыртан кэлэн баран хас да оҕону кытта биир-икки сыл суруйса сылдьыбытым, хаартыска, значок атастаспыппыт. Кылааһым оҕолоругар лааҕырым ырыаларын, оонньууларын үөрэппитим.
Быйыл Саха сирин өрүөлчээннэрин бастакы көрсүһүүбүтүн кылгас кэм иһигэр үрдүк таһымнаахтык тэрийбит, пионерскай атрибуттары бэлэмнии охсон, значок оҥотторон, ырыанньык таһаарбыт тэрийээччилэргэ А.Н. Дьяконовка, А.И. Самсоноваҕа, Т.А. Будищеваҕа, Кучу Туйаараҕа уо.д.а., көрсүһүүнү иилээн-саҕалаан ыыппыт А.И. Дормидонтоваҕа дириҥ махталбын тиэрдэбин!
Бары орлёноктары, пионер оҕолору Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Эдэрдии эрчимҥитин ыһыктыбакка, пионер кэмҥитин өйгүтүттэн-сүрэххититтэн сүтэрбэккэ, эдэр көлүөнэни инники сирдии, мэлдьи холобур буола сылдьаргытыгар баҕарабын. Этэллэрэ дии:
«Пионер диэн — бастыҥ, бастакы!»
Степанида Николаевна ПАРНЯКОВА (ДЬЯКОНОВА), 1976 сыл, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Комсомольскай» дружина 6 «б» этэрээтэ.
И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аат. Нам алын сүһүөх оскуолатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Үөрэнээччилэр билиниилэрэ» бэлиэ хаһаайына, үлэ ветерана.