Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр дьиҥнээх оҕо саас күнэ буолла. Оскуола салалтата Оҕо бэчээтин күнүн олус тэрээһиннээхтик ыытта. Быйыл сайын одьулууннар оҕолорго анаан Чуораанчык ыһыаҕын ыытар санаалаахтар.
Одьулууҥҥа «Кэскил» хаһыат Оҕо бэчээтин күннэрин ыытан кэллилэр. Оскуола салалтата тэрээһини киэҥ хабааннаахтык ыытта, кэскиллээх киэҥ кэпсэтиилэри ыытта.
«Чуораанчык» сурунаал эрэдээксийэтэ «Күнчээн» оҕо уһуйааныгар ыалдьыттаата. Оҕолорго саҥа сүүрээннэри, куонкурустар тустарынан сиһилии кэпсээтилэр. Онтон оскуола оҕолоро Кыайыы 75 сылыгар аналлаах дакылааттарын аахтылар, эҕэрдэ кэнсиэр көрдөрдүлэр. Дьоннорун туһунан, сэрии саҕанааҕы герой оҕолор тустарынан кэпсээтилэр.
Уруһуй, «Аптаах холбука» диэн сөбүлүүр дьарык уонна лэпбук быыстапкалара улахан сэҥээриини ыллылар. Оҕолор айар аартыктарын арыйар «Имигэс тарбахчаан» диэн күрэхтэһии ыыттылар, айыллыбыт оонньуулары көрдөрдүлэр.
Оҕо бэчээтин күнүгэр Таатта улууһун Дэбдиргэтиттэн оскуола дириэктэрэ, «Чуораанчыктыын доҕордос!» республикатааҕы хамсааһын биир бастыҥ көҕүлээччитэ Варвара Константиновна Ефимова эдэр кэрэспэдьиэннэрин кытта, саамай бастыҥ үлэлээх доҕотторбут Чурапчы Кытаанаҕыттан Наталья Николаевна Игнатьева, Екатерина Гаврильевна Андреева, Төлөйтөн делегация, Ытык — Күөл орто оскуолатыттан саха тылын, литературатын учуутала, «Кэскил» хаһыат уруккуттан — билиҥҥэ диэри үлэлиир бастыҥ юнкор поһун салайааччыта Оксана Прокопьевна оҕолорун кытта кэллилэр. Уус-Алдан улууһуттан «Чэчир» оҕо саадын эдэр иитээччи педагога Екатерина Харлампьевна Олесова тиийэн сурунаалы кытта үлэҕэ бастыҥ уопуттарын көрдөрдүлэр.
Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Васильевна Ефремова, оскуола дириэктэрэ Афанасий Петрович Максимов бэйэлэринэн холобур буолан, элбэх оҕолоох ыалларга оҕо таһаарыыларын сурутан бэлэх оҥордулар. Кинилэр «Нэһилиэк баһылыктара, оскуола дириэктэрдэрэ оҕо ааҕыытын өйүүллэр» диэн республикатааҕы аахсыйаҕа кыттыһарга ыҥырдылар. Сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оҕо ааҕыытын тула араас куонкурустары, тэрээһиннэри ыыттылар. Оҕо саҥата чугдаарыйда.
Төрөппүттэргэ аналлаах «Чтение — основа интеллектуального развития личности ребенка: проект по привлечению детей и их родителей к чтению» диэн төгүрүк остуол буолла. Одьулууҥҥа оҕолор кинигэ ааҕыыларын учууталлар икки төрөппүттэр икки үчүгэйдик ситиһэллэр эбит. Инньэ гынан үөрэнээччилэр кыра саастарыттан чобуолар, толкуйдара, саҥалара-иҥэлэрэ сытыы, санааларын сөпкө сааһылаан этэ улааталлар.
Бэйэ инф.