Бу мин саамай сөбүлүүр хаартыскам. Тоҕо диэтэххэ, манна мин кырабын, тапталлаах эбэм Ульяна Егоровна Пермяковалыын сылдьабын. Өссө ньирэйим көстөр.
Оҕо сааһым кэрэ кэмнэрэ эбээбин кытта ситимнээхтэр. Ийэм оскуолаҕа үлэлии, убайым үөрэнэ бардахтарына, иккиэйэх хааларбыт. Эбэм мин саамай чугас киһим.
Бу хаартыска биһиги күннээҕи түбүкпүтүн кэпсиир:
Эбэм сарсыардааҥҥы минньигэс баахылатын сыта миигин уһугуннарар. Астаабыт аһа мип-минньигэс, ис сүрэхтэн астанар. Эбэм үлэтэ бүппэт, мин мэһэй-таһай буола, көрө-истэ сылдьабын. Ньирэй аһата барарбыт миэхэ олус күүтүүлээх, үөрүүлээх түгэн буолар. Эбэм күүлэттэн ньирэйбит суоскатын киллэрдэҕинэ, мин таҥна сүүрэрим. Тамыйахпыт биһиги иһэрбитин көрөн үөрэрэ. Кини аата Скуби-Ду диэн этэ. Сөбүлүүр мультикпар баар ыт аатынан.
Таһырдьа тахсыы бэйэтэ биир үөрүү. Ыырбыт кэҥиир. Ол баран иһэн, ону маны барытын тоокколоһобун: “Ити тугуй? Бу тугуй?” — диэн. Эбэм барытын наҕыл куолаһынан быһааран биэрэр, устунан кэпсээммит үксүүр.
Олохпор бастакы учууталым – эбэм. Кини үтүөнү-куһаҕантан араарарга, үөрэххэ, сырдыкка талаһарга үөрэтэр. Эбэбинэн киэн туттабын. Кини бүгүн оруобуна 98 сааһын томточчу туолла!
Күндү киһим 100 сааһын ааһа түһэн, уһуннук да уһуннук олоруон баҕарабын. Мин эбэм курдук киэҥ билиилээх, үтүө санаалаах, холку майгылаах, муударай буола улаатыам.
Онон хаартыска диэн киһи олоҕор улахан суолталаах өйдөбүнньүк, кэрэ кэмнэри санатар кэрэһит, хас биирдии киһи тус олоҕун архыыба буолар.
Аня Попова, VIII кылаас.
Дьабыыл, Мэҥэ Хаҥалас.
2 2
Эбээ Ылдьаана итии истин эгэрдэ❤️
Олус учугэй суруйуу