Хас биирдии кэрэ аҥаар кулгааҕар, тарбаҕар, моонньугар кыраһыабай симэҕи кэтэрин сөбүлүүр. Билигин күндү таастаах көмүс симэх буолбакка, оҕуруонан тиһиллибит, көрдөххө боростуой оҥоһуулаах симэхтэр муода буоллуллар. Муода эйгэтигэр «Тренд из детства» диэн ааттыыллар. Ырбаахыны, биир өҥнөөх, үөрэххэ кэтиллэр булууһаны уонна көстүүмү кытта дьүөрэлээн кэтэллэр. Маннык оҕуруонан тиһиллибит симэхтэр уобараска сааскылыы настырыанньаны, сылааһы эбэллэр.
- Оҕуруо симэх муодатын ким аҕалбыт эбитий? Mirstores диэн бренд дизайнердара Катя уонна Алексей Киндрась сибэккиттэн иэйии ыланнар оҕуруо симэхтэрин таһааран саҕалаабыттар.
- Оҕуруо симэхтэри кыргыттар кумир оҥостор Кендалл Дженнер, Эльза Хоск биллэр модель кыргыттар кэтэллэрин сөбүлүүллэр.
Бүгүн биһиэхэ оҕуруоттан биһилэхтэри оҥоруу ньыматын Өлүөхүмэ улууһун А.Г. Кудрин-Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Егорова көрдөрүөҕэ уонна кэпсиэҕэ:
- Саамай күндү бэлэх – киһи илиитинэн бэйэтэ оҥорбута буолар диэн этиини кытта сөпсөһөбүн. Онон кыра эрдэхпиттэн иллэн кэммэр араас матырыйаалтан оҥоһук оҥорон чугас дьоммор, доҕотторбор бэлэхтиирбин сөбүлүүбүн. Бисерынан ытарҕа, браслет, ону таһынан, таҥаска, диискэҕэ уруһуйдуубун, туустаах тиэстэнэн сувенирдары оҥоробун. «Кэскил» хаһыат ыыппыт «Оҕолор уонна күн» өрөспүүбүлүкэтээҕи айар үлэ куонкуруһугар умайа сылдьар күн оҥорон бастаабытым, бүтүн Россиятааҕы «Бабушкин сундук» куонкуруска гран-при аатын ылбытым. Оттон бу быйыл оҕуруо симэҕэ муода буолбутун билэн, интернэттэн көрөн үөрэммитим.
Кыыс бэйэтин истиилигэр, уобараһыгар сөп түбэһэр киэргэллэри кэтиэхтээх дии саныыбын. Билигин минимализм муодаҕа киирбит. Онон сиэттэрэн бэйэм симэхтэрбин эмиэ минимализм оҥоро сатыыбын.
Эһиэхэ наада:
- Борубулуоха эбэтэр леска;
- Кыптыый;
- Оҕуруо;
Тарбахпыт кээмэйинэн лескаҕа оҕуруобутун тиһэбит, кыраһыабай буоларын курдук араастаан оһуордуохха сөп. Биһилэхпитин биир кэм тиһэн оҥордоххо, синньигэс буолар. Оттон суон биһилэх оҥоруоххун баҕардаххына:
1. Лескаҕа 3 оҕуруо тиһэбит
2. Лескабыт икки түгэҕин биир оҕуруо иһинэн ыытабыт
3. Салҕыы леска икки түгэҕэр биирдии оҕуруо тиһэбит
4. Оттон эмиэ лескабыт икки түгэҕин биир оҕуруо иһинэн ыытабыт
5. Бу хаамыынан тарбахпыт кээмэйинэн биһилэхпитин оҥоробут.