Оһуокайы – төрүт үгэс, сиэр-туом үөрүйэхтэрин, омугу түмэ тардар, сомоҕолуур сүдү күүс буолар. Сахалар төгүрүччү илиилэриттэн тутуһа сылдьан, илиилэрин өрө уунан күҥҥэ бокулуоннууллар, күҥҥэ сүгүрүйэллэр диэн бэлиэтииллэр. Биир киһи таһаарар, ону атыттар үтүктэллэр. Оһуокайдьыт уратыта, дьоҥҥо-сэргэҕэ сөбүлэнэр өрүттэрэ, күлүм-чаҕыл көрүҥэр, хомоҕой хоһоонугар, кэрэ дорҕоонноох куолаһыгар, хаамар, көтүтэр, түһүлгэни тутар ритмигэр, тутта-хапта сылдьыытыгар артыыс киһи киэбэ толору баар. Кинилэр норуот ырыатын-тойугун толороллор.
Ол курдук Сунтаар улууһугар оһуокай, тойук ситимин быспакка сайдарыгар, ыһыах сиэрэ-туома тутуһулларыгар кэскиллээх, талааннаах, Түбэй орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ, Жанна Чалбанова дьарыктанар.
– Бастаан ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.
– Мин Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгиттэн сылдьабын. 13 саастаахпын. Билигин VII кылаас буоллум.
– Дьиэ кэргэнин туһунан кылгастык сырдат эрэ.
– Ийэм аата Зоя Александровна, Эбээм аата Светлана Петровна. Мин дьиэ кэргэммэр соҕотох оҕобун. Хос эhээм оhуокайынан дьарыктанар этэ. Кыра эрдэхпинэ миэхэ төрөппүттэрим кэпсээччилэр. Ол өйбөр-санаабар, сүрэхпэр дириҥник иҥмит.
– Хас сааскыттан оһуокай этэр буолбуккунуй? Хайдах саҕалаабыккын туһанан кэпсээ.
– Иккис кылаастан оhуокайга дьарыктанабын. Салайааччыбым – Светлана Николаевна Зедгенидзева. Бөлөхпүтүгэр сэттэбит. Аан бастаан Сергей Зверев-Кыыл Уолун туһунан элбэхтик истэрим. Ол иһин анаан-минээн Сунтаар ыһыаҕар тиийэн дьон оһуокайдыырын көрбүтүм, тылын-өһүн сөҕө-махтайа истибитим. Дьарыкка эргэрбит Саха тылларын үөрэтээччибит, салайааччыбыт Светлана Николаевна Сергей Зверев айымньыларын билиһиннэрэччи, ону биһиги оһуокайдаан этэбит.
– Оһуокайдыырга хайдах эрчиллэҕин?
– Оhуокайга бастаан кылыhахпытын эрчийэн баран биирдэ оhуокайдааччыбыт. Оһуокайдьыт сыыйа саҕалаан баран анал турукка киирэр. Уубар-хаарбар киирэн этэн барыыбар, оһуокайдыыр айымньым харахпар бу көстөн кэлээччи. “Оһуокай тылын нойосуус үөрэтэҕин дуо? Анаан бэлэмнэнэҕин дуо?” – диэн ыйытааччылар. Оһуокайга хаһан да итинник бэлэмнэммэтэҕим. Анал турукка киирэн, тиэмэҕин сүрэххинэн-быаргынан ылынан, этэн-тыынан бардаххына, бэйэтэ сааһыланан иһэр буолааччы. Онон оһуокайы этээччи, бэйэтэ да билбэтинэн халлаан куйаарын кытта ситимнэһэр, ураты турукка киирэр.
– Сүрүн ситиһиилэриҥ?
– Россиятааҕы, регионааҕы, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэргэ ситиhиибит элбэх. Оһуохай урут-уруккуттан саха бастыҥ, сөбүлүүр үҥкүүтэ буоллаҕа. Этэр кэмҥэ кынат-этээччилэр үчүгэй буоллахтарына, маҥнай наллаан этэҕин. Оччоҕо этим-сииним хамсыырын билбэт да курдук үчүгэй турукка киирэбин. Күрэхтэһиигэ дархан этээччилэри кытта күөн көрсөрбүттэн долгуйбаппын. Дьиҥэр, бириис туһугар буолбакка, бэйэбин холонон көрөөрү, сыаналанаары, туохха сыыһарбын, тугу ситэрэн биэрэр ирдэнэрин билээри кыттабын. Аҕа саастаах уонна үчүгэйдик этэр дьонтон киһи чахчы элбэххэ үөрэнэр.
– Оһуокайдыыртан ураты туох дьоҕурдааххыный?
– Оhуокайтан ураты тойугунан, хомуhунан, чабырҕаҕынан, норуот ырыатыгар салайааччыбыт дьарыктыыр. Бэйэм баскетболлуубун, сүүрэбин ардыгар күрэхтэргэ кыттааччым, ыллыырбын, үҥкүүлүүрбүн уонна уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн.
– Эн үөрэххэр хайдаххыный?
– Үөрэхпэр кыһаллабын. Түөркэ, биэскэ үөрэнэбин.
– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
– Куукулабар таҥас тигээччибин.
– Оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Төрүт култуураҕыт сайдарын туhугар утумнаахтык дьарыктанын диэн сүбэлиибин. Оһуокай – ыһыах бастыҥ киэргэлэ, фольклор бары көрүҥнэриттэн саамай ураты көрүҥ. Киниэхэ эрэ ырыа, тойук, кылыһах, үҥкүү, тута хоһуйуу, тэтим барыта баар. Оһуокай симэлийбэккэ билиҥҥи көлүөнэҕэ бэриллэн иһэригэр бэйэм кылааппын киллэрбин дии саныыбын.
Павел Ильин.