Улуустааҕы Арчы дьиэтигэр «Оһуокайдаан ойуохха, эһиэкэйдээн тэйиэххэ» диэн оҕолор икки ардыларыгар өрөспүүбүлэкэтээҕи оһуохайы таһаарыыга улуустааҕы бастакы сүүмэрдиир түһүмэҕэ, күөн күрэһэ буолан ааста.
Барыта сэттэ нэһилиэктэн 13 оҕо кытынна. Улахан бөлөххө (13-17 диэри саастаахтарга) 8 оҕо кыттыыны ылла, онтон кыра бөлөххө (7-12 диэри саастаахтарга) – 5 оҕо.
Биһиги А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолатыттан эдэр салайааччыбыт Нарыйаана Федотовна Николаева көҕүлээн, Комила Аржакова (Х кылаас), Юлиана Винокурова (Х кылаас) уонна мин ситиһиилээхтик кытынныбыт. Комила Аржакова “Бастыҥ аат” II үрдэлин, Юлиана Винокурова “Бастыҥ аат” III үрдэлин хаһаайкаларынан буоллулар.
Санаабын үллэһиннэххэ, олуһун сөбүлээтим. Киһи хаһан баҕарар бэйэтэ баҕалаах буоллаҕына, барытын ситиһэр диэн түмүккэ кэллим. Кыра сылдьан фольклорунан дьарыктанар этим эрээри улахаҥҥа уурбат этим. Онтон улаата түһэн баран дьэ өйдөөтүм – уус-уран тылбытын, омукпут үгэһин сайыннара турдахпытына эрэ сахабыт норуота сайдар тустаах.
Итинник санаанан бу күрэххэ кыттан, уопут ылан кэллим. Аны оскуолабыт тэрийэр “Кут Сүр” фестивалыгар кыттар санаалаахпын.
Вадим КОЛЕСОВ, XI кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы