Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия саалатыгар оскуола саастаах оҕолорго уонна орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр эдэр дьоҥҥо туһаайыллан, саха норуотун үгэс буолбут үҥкүүтэ — оһуокай — төрүт үөрүйэхтэрин иҥэрэргэ, чиҥэтэргэ, тарҕатарга, үйэтитэргэ анаан өрөспүүбүлүкэтээҕи маҥнайгы күөн күрэс ыытылынна.
Бу тэрээһин филология билимин доктора, тюрколог, профессор, Дьокуускай куоракка 1987 с. „Оһуокай” түмсүүнү тэрийэн, өр кэмҥэ салайбыт Дархан этээччи Николай Егорович Петров төрөөбүтэ 90 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сомоҕолоһуу сылыгар ананна.
Соругун ситтэ
Оһуокайга тэриллибит күөн күрэс туруорбут сыалын-соругун ситтэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, оһуокайы төрүт үгэс, сиэр-туом үөрүйэхтэрин сүрүн тулхадыйбат отуорун, омугу түмэ тардар, сомоҕолуур сүдү күүс буоларын кэнчээри ыччакка өйдөтөн, иҥэрэн сайыннарыы, тарҕатыы, үйэтитии оҥкула уурулунна. Оһуокайга оҕо дьону дьиэ кэргэн, оскуола эйгэтиттэн көҕүлээн, такайан иитии сүрүн өйдөбүллэрэ олохтонно. Оһуокай толоруллар ньымаларын араастарыгар,үөрүйэхтэригэр, албастарыгар аҕа саастаах дьону холобур оҥостон, кинилэри батыһан үөрэнэр, уһуйуллар эйгэни олохтуур торум бигэргэннэ.Оһуокайдьыт оҕолору, эдэр дьону таба көрөн, дьоҕурдарын, талааннарын сайыннарыы, туһааннаах сүбэни-аманы биэрэн, таһымнарын үрдэтэллэригэр сөптөөх көмөнү оҥоруу олуга уурулунна.
Кимнээх кытыннылар?
Уопсайа сэттэ улуустан (түөртүү оҕо) 40 этээччи кэлэн кыттан барда: Илларионова Вилена, Рябко Алима (сал. Зедгенидзева С.Н.), Попова Карина (сал. Захарова Е.В.), Клим Петров (сал. Иванова Л.Н.) – Сунтаартан. Антонов Вова, Охлопков Кеша (сал. Платонов В.Нь.), Семенова Альбина (сал. Николаева З.С.), Иппатьева Алена (сал. Платонова А.Д.) — Ньурбаттан. Павлова Мичилийэ, Семенов Рустам (сал. Мойтохонова А.М.), Ильина Света (сал. Хобусарова М.В.), Львов Рустам (сал. Егоров Е.Е.) – Үөһээ Бүлүүттэн. Кондакова Ледияна (сал. Кириллина М.Е.), Шамаев Алеша, Шамаева Сайыына ( сал. Григорьева М.Е.). Кочкина Любовь ( сал. Максимова А.В.), Заровняева Настя ( сал. Стручкова С.В.) – Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан. Шергина Туйаара ( сал. Протопопова Р.П.), Колодезников Ваня, Петухова Диана (сал. Лугинова З.П.), Борисова Вика ( сал. Кузьмина Д.К.), Попова Сайаана ( сал. Алексеева А.В.), Корякина Уля ( сал. Макарова М.Т.) — Чурапчы улууһа, Харитонова Ангела, Быгынанов Айаал, Голикова Марина (сал. Колодезникова С.Г.), Зыкова Сандаара (сал. Попов А.Н.), Слепцова Лилия (сал. Егорова С.С.) – Таатта улууһуттан. Дьокуускай куораттан: Николаева Мичийэ ( сал. Васильева А.Н.) – Л.А. Колосова аатынан 33-с № -дээх орто оскуола, Игнатьева Наталья ( сал. Степанова Е.И.) — Национальнай гимназия, Хомподоева Сайаана, Иванова Вилена, Свешникова Лена, Сыроватская Ира (сал. Иванова М.М.) – 2-с №-дээх орто оскуола, Заровняева Света (сал. Баишева Е.Н.) – Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей, Ильина Анжелина (сал. Ильина Н.И.) —Айыы Кыһата уонна М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжтан (училище) Николаева Нарыйа, Гладкина Күннэй уонна Иванова Сандаара (сал. Степанова В.А.).
Дьүүллүүр сүбэ икки бөлөҕүнэн кыттааччылары сыаналаата: хас биирдии оһуокайдьыт түһүлгэтин төрүттүүр, үгэс быһыытынан толору салайар сатабылын (илиитэ, атаҕа, хаамыыта), оһуокайдьыт куолаһын кэрэтин, кыаҕын, кылыһаҕын, оһуокайдьыт үҥкүүтүн тылын ис хоһоонун, уустаан, ураннаан, ойуулуур-дьүһүннүүр кыаҕын, этэр тыла чуолкайын, оһуокайдьыт түөлбэ матыыбын, хамсаныытын, хаамыытын тутуһарын (бүлүүлүү, мэҥэлии, аммалыы, таатталыы, о.д.а.), оһуокайдьыт сахалыы толору таҥаһын.
10-14 саастаахтарга
Маҥнайгы бөлөххө (10-14 саастарыгар диэри) профессор Илларионов Василий Васильевич саламтатынан Винокуров Михаил Николаевич (Культура уонна искусство колледжын төрүт культураҕа салаатын уһуйааччыта, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, хомусчут-импровизатор ) уонна Архипова Александра Саввична («Юные Якутяне» Өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин сүрүннүүр методиһа, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин уонна ыччат политикатын туйгуна) үлэлээтилэр.
Түмүккэ Борисова Вика (Чурапчы) «Бастыҥ хамсаныылаах оһуокайдьыт», Колодезников Ваня (Уус Алдан) «Кыайыыга дьулуур», Антонов Вова (Ньурба) «Кэскиллээх үҥкүү тылын этээччи», Корякина Уля ( Чурапчы) «Бастыҥ таҥастаах оһуокай этээччи», Заровняева Настя «Утумнаах оһуокайдьыт» диэн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич анаан туруорбут анал ааттаах чорооннорун туттулар.
Кондакова Ледияна (Бүлүү), Игнатьева Наталья ( Национальнай гимназия) Арчы дьиэтин дириэктэрэ В.И. Бочонина, Хомподоева Сайаана Олоҥхо институтун дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы Р.Н. Анисимов, Охлопков Кеша (Ньурба) «Северный Колорит» ТО дириэктэрэ А.А. Обоюко анал биириистэрин туттулар.
III истиэпэннээх үктэлгэ Сунтаартан Илларионова Вилена, II истиэпэннээх үктэлгэ Сунтаартан Рябко Алима уонна I истиэпэннээх үктэлгэ Үөһээ Бүлүүттэн Ильина Света тахсаннар, “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин туттулар.
III истиэпэннээх үрдэлгэ Бүлүүттэн Шамаева Сайаана, II истиэпэннээх үрдэлгэ Уус Алдантан Петухова Диана уонна I истиэпэннээх үрдэлгэ Үөһээ Бүлүүттэн Павлова Мичийэ тахсаннар, Николай Егорович Петров мэтириэттээх, анал суруктаах мэтээли кэттилэр (спонсор Д.С. Иванов) уонна “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин туттулар.
Бу бөлөххө кыттыбыт оҕолор оһуокайынан кыра эмэн саастарыттан дьарыктанан, киэҥ түһүлгэни инникитин тэрийэр кыахтаахтара үтүктээччи, сэргээн истээччи дьону олус үөрдэр. Тылга-өскө болҕомто ууран, куолаһы дьиэрэтэр уустук ньыманы баһылаан иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
15-18 саастаахтарга
Иккис бөлөҕү (15-18 саастарыгар диэри) үҥкүү тылын этээччилэри өрөспүүбүлүкэтээҕи «Оһуокай» общественнай түмсүү салайааччыта, Олоҥхо театрын» артыыһа, Дархан этээччи, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Дмитрий Семенович Иванов салайда. Бу сүбэҕэ Николаев Иван Николаевич –Уххан (поэт, суруналыыс, саха ырыатын дьиҥ майгытын чинчийээччи) уонна Мухоплева Светлана Дмитриевна (филология билимин кандидата, доцент, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын институтун үлэһитэ) үлэлээтилэр.
Түмүккэ Николаева Нарыйа (Дьокуускай к.) “Утуму салҕааччы”, Семёнова Альбина (Ньурба) “Түмсүүлээх хамаандаттан”, Заровняева Света (Мэҥэ Хаҥалас) “Киэҥ түһүлгэлээх оһуокайдьыт”, Попова Сайаана (Чурапчы) “Бастыҥ ис хоһоонноох оһуокайдьыт”, Шамаев Алеша (Бүлүү) “Бастыҥ оһуокай этээччи” диэн анал ааттардаах Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев чорооннорун туттулар.
Львов Рустам (Үөһээ Бүлүү) — Н.Е. Петров дьиэ кэргэнин анал бирииһин, Быгынанов Айаал (Таатта) Христофор Максимов Фондатын бирииһин (дириэктэр Максимов Т.Х. ), Шергина Туйаара (Уус Алдан) Олоҥхо театрын анал бирииһин (дириэктэр Власов В.Г.), Слепцова Лилия (Таатта) «Северный Колорит» ТО (дириэктэр Обоюков А.А.) бэлэмнээбит өйдөбүнньүк бэлэхтэрин ыллылар.
III истиэпэннээх үктэлгэ Сунтаартан Клим Петров, II истиэпэннээх үктэлгэ Дьокуускайтан Иванова Сайаана уонна I истиэпэннээх үктэлгэ Үөһээ Бүлүүттэн Иванов Рустам тахсаннар, “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин туттулар. III истиэпэннээх үрдэлгэ Уус Алдантан Васильева Настя, II истиэпэннээх үрдэлгэ Тааттаттан Зыкова Сандра уонна I истиэпэннээх үрдэлгэ Ньурбаттан Иппатьева Алена тахсаннар, Николай Егорович Петров мэтириэттээх, анал суруктаах мэтээллэри кэттилэр (спонсор Иванов Д.С.) уонна “Yс түмсүү“ общественнай хамсааһын сыаналаах бэлэхтэрин ылан үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Кылаан Чыпчаал
Үҥкүү тылын Дархан этээччитэ Николай Егорович Петров төрөөбүтэ 90 сылыгар уонна Сомоҕолоһуу сылыгар анаммыт «Оһуокай — саха норуотун кэскиллээх ымыыта» өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгынан ыытыллыбыт күөн күрэскэ «Кылаан Чыпчаал» кыайыылаах аатын Сунтаар Элгээйититтэн кэлэн оһуокайдаабыт Карина Попова (сал. Захарова Евдокия Вячеславовна) ылла. Кыайыылаахха оһуокай уйгулаах чороонун (уус Мэхээлэ оҥоһуга) С.А. Зверев-Кыыл Уолун үөрэнээччитэ, билиҥҥи кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ оһуокайдьыппыт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, 92 хаарыгар үктэммит ытык кырдьаҕас Егор Михайлович Осипов алҕаан туттарбыта дириҥ ис хоһонноох, суолталаах буолла.
Маны сэргэ Карина Поповаҕа Культура уонна искусство колледжын уһуйааччыта М.Н. Винокуров бу сайын үөрэххэ киирэр сертификаты туттарда. Оттон оһуокайдьыт, тойуксут Андрей Титович Титаров аатынан улахан бирииһи (ноутбук) оҕолорун, сиэннэрин уонна хос сиэннэрин аатыттан кыайыылаах Карина Поповаҕа Айыына Сергеевна Николаева бэлэх уунна.
Бу күрэххэ кыттыбыт бастыҥ үҥкүү тылын этээччилэргэ: М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Народная художественная культура” хайысхаҕа үөрэххэ киирэр сертификаты Бүлүүттэн Шамаев Алеша, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж (училище) фольклор салаатыгар Сунтаартан Петров Клим уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Культурология» салаатыгар магистратураҕа быһа киирэр суругу таатталар ылан үөрүүлэрэ үрдэ суох буолла.
Варвара Обоюкова,
Саха сирин норуоттарын музыкатын
уонна фольклорун түмэлин
сүрүннүүр научнай үлэһитэ,
Россия фольклористарын Союһун чилинэ.