Олоҥхо-норуот сүдү баайа. Саха норуотун тылын баайа, историята, ыра санаата, олоҕун үгэһэ, сиэрэ-туома- барыта олоҥхоҕо түмүллэр.
Оскуолаларга национальнай концепция киириҕиттэн уонна олоҥхону ЮНЕСКО чулуу айымньы быһыытынан билиниэҕиттэн оскуолаларга олоҥхоҕо аналлаах араас тэрээһиннэр буолаллар.
Биһиги нэһилиэкпитигэр урукку дьылларга 62 олоҥхоһут баар буола сылдьыбыт. Бу дьон үгүстэрэ дьонтон истибиттэрин хатылаан толороллор эбит. Бу олоҥхоһуттартан истэн үөрэммит Томская Даарыйа Андреевна- Чаайка аата кэлиҥҥи кэмҥэ киэҥник биллибитэ. Кини аатын Стручкова Ия Ильична уонна кини дипломнай үлэтин научнай салайааччыта Василий Васильевич Илларионов таһаарбыттара.
Оскуола учууталлара олоҥхоҕо аналлаах араас үлэни ыыталлар. Биһиги оскуолабытыгар республиканскай, улуус араас хабааннаах семинардара, конференциялара ыытыллыбыта.
Биһиги үөрэнээччилэрбит онно дакылааттарынан кыттыбыттара, олоҥхону толорбуттара. Ол курдук, Никита Гоголев » Олоҥхону- уруһуй нөҥүө», Потапов Эдик «Томская Даарыйа- Чаайка олоҥхолорун куукуланан дьүһүйүү», Бурцева Света «Даарыйа- Чаайка «Үчүгэй Үөдьүгүйээн, Куһаҕан Ходьугур» олоҥхотугар нууччалыы тыллары туттуу», о. д. а.дакылааттара биһирэммиттэрэ. Итинтэн да атын тиэмэлэргэ оҕолор үлэлээбиттэрэ, чинчийбиттэрэ. Ол курдук, » Олоҥхоҕо саха олоҕун көстүүтэ»,»П. А. Ойуунускай- олоҥхоһут», » Олоҥхо уонна Куйаар ситимэ», «Олоҥхоҕо ахсаан ааты туттуу», «Олоҥхоҕо сахалыы мээрэйдэр» , о. д. а. тиэмэлэр сырдатыллыбыттара.
Олоҥхоҕо оҕону уһуйуу — биир сүрүн сорукпут. Бурцева Маша, Потапова Аня, Бурцева Света, Бурцев Ганя — оройуон, республика араас таһымнаах күрэхтэрин бастыҥ толорооччулара буолаллар. Билигин сорохтор культура эйгэтигэр үлэлии, сорохтор араас идэҕэ үөрэнэ сылдьаллар.
Билиҥҥи оҕолортон биһиги киэн туттуубутунан Бурцева Снежана буолар. Кини — «Олоҥхо оҕотобун» уонна республиканскай фольклорнай бэстибээллэр кыайыылааҕа.
Оҕолор оскуола иһинэн ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Онно бастакы көмөлөһөөччүлэрбитинэн төрөппүттэр буолаллар. Оҕолор да, төрөппүттэр да, республикаҕа ыытыллар Олоҥхо дьыктааныгар сөбүлээн кытталлар.
Ити курдук, кырыы сир кыра оскуолата оҕолор төрөөбүт тылларыттан тэйэн хаалбаттарын туһугар олоҥхоҕо да, саха да тылыгар аналлаах араас тэрээһиннэри ыытар.
Екатерина Заровняева, саха тылын учуутала.
Эҥэ, Үөһээ Дьааҥы.