От ыйын 8-9 күннэригэр Дьокуускай куоракка «Родословие народов Республики Саха (Якутия) — Төрүччү төлкөтө» диэн Саха сирин норуоттарын төрүччүлэрин үөрэтэр, чинчийэр сийиэс ыытылла турар. Ол курдук, бүгүн, от ыйын 8 күнүгэр, сарсыардаттан 4 хайысханан үлэ барда. Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар «История как фактор нравственного воспитания школьников» диэн иккис хайысха элбэх кыттааччыны, дэлэгээти, сэҥээрээччини түмтэ.
«Төрүччүнү үөрэтии былыр-былыргаттан бары омукка баар этэ. Оттон наука, философия сайдан дьон сэргэ итинтэн тэйэ сырытта, ол эрэн билигин дьон төттөрү төрүччүтүгэр төннөн эрэр. Тоҕо диэтэххэ киһи барыта инникитин саныыр, хайдах курдук кэскилбин кэҥэтэбин диэн толкуйдуур. Уонна бэйэм тус санаабар, наука да, философия да төрүччүттэн саҕаламмыта. Биһиги өбүгэлэрбит киһи олоҕун суолун кистэлэҥин арыйарыгар төрүччү улахан суолталаах диэн билэллэр эбит. Тэрээһин үлэтэ бастакы сийиэстээҕэр ордук, олус тубуста, онон сибээстээн тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин», – диэн төрүччүгэ уонна саха итэҕэлигэр үлэни сүрүннээччилэртэн биирдэстэрэ, ХИФУ профессора, философ Андрей Саввич Саввинов эттэ.
Уопсайа 11 дэлэгээт бу норуот бырайыагын салгыы ситиһиилээхтик олоххо киллэриигэ үгүс этиилэри киллэрдилэр. Кинилэртэн Гаврил Гаврильевич Вырдылин Таатта улууһун Чөркөөх алаастарын, үрэхтэрин төрүт ааттарын чуолкайдаан электроннай каартаҕа киллэрии уонна мобильнай төлөпүөҥҥэ сыһыарыы быһыытынан оҥорон киллэрэн дьон билиитигэр киэҥник тарҕатыы үлэтэ ыытыллыбытын иһитиннэрдэ. Бу үлэ эдэр ыччат төрөөбүт дойдутун сирдэрин төрүт ааттарын билии, олоҕор туһаннын диэн баҕа санааттан оҥоһуллубутун модератордар, истээччилэр өйөөтүлэр.
Нам улууһун И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын учуутала Алевтина Афанасьевна Алексеева тэрээһин кэннэ санаатын үллэһиннэ: «Төрүччүбүтүн үөрэтэ сылдьан элбэҕи биллибит. Аҕабыт да, ийэбит да өттүттэн сэттэ көлүөнэҕэ тиийэ үөрэттибит. Киһи төрүччүтүн үөрэттэҕинэ саҥаттан саҥа билии тахсан иһэр эбит. Олус умсугутуулаах. Ону таһынан, саҥаттан саҥа дьону кытта билсэҕин. Холобур, биһиги Уус Алдан улууһун Сыҥаах нэһилиэгин төрүччүтүн барытын хомуйан, халыҥ кинигэни оҥорбут киһилиин билсэн, үлэбитин салҕыы тохсус көлүөнэҕэ тиийэ үөрэтэр былааннаахпыт. Бүгүҥҥү үлэлэртэн саамай сэҥээрбиппит Вырдылин Гаврил Гаврильевич үлэтэ буолла. Билиҥҥи оҕо төлөпүөнүн кытта арахсыбат, ол иһин төлөпүөҥҥэ ити сыһыарыы олус наадаалаах дии санаатым. Сирдэрин ааттарын билэллэр, ону тэҥэ төрүччүлэрин үөрэтэллэр. Билигин кэми мүччү туппакка, төһө кыалларынан элбэх билиини кырдьаҕастарбытыттан ыла сатыахпытын наада. Оскуолаҕа уруогу таһынан дьарык курдук киирэрэ олус наадалаах, оҕо олорор сирин үөрэтэ таарыйа төрүччүтүн билэн, салгыы наукаҕа сыстара олус үчүгэй. Аҥаардас төрүччү схематын эрэ оҥорбокко, «мин өбүгэлэрбэр туох идэлээх дьон баар эбиттэрий, хантан сылдьар эбиттэрий» диэн толкуй эмиэ киириэхтээх дии саныыбын. Бу аныгы сайдыылаах үйэҕэ туттарга судургу төрүччүнү үөрэтэр сыһыарыы баара буоллар, бэрт буолуо этэ».
Үгэс курдук, төрүччүнэн сүрүннээн аҕа көлүөнэ дьарыктанар, ол эрээри, кэнники кэмҥэ эдэр ыччат эмиэ бу дьыалаҕа кыттан эрэрэ үөрдэр. Ол курдук, сийиэскэ Хаҥалас улууһун Покровскайдааҕы 1 №-дээх орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Виктория Шепелева Москубаҕа «Национальное достояние России» диэн кэмпириэнсийэҕэ көхтөөхтүк кыттыбытын туһунан кэпсээтэ: «Кэмпириэнсийэҕэ бастакы истиэпэннээх лауреат буолбутум. Кэмпириэнсийэҕэ уопсайа 475 киһи кыттыбыта. Мин сиэксийэбэр 30 үлэ баара. Улаханнык долгуйбатаҕым, сахалыы да, нууччалыы да холкутук кэпсиибин. Экспиэрдэр сүрүн ыйытыылара: «Киһи тоҕо бэйэтин төрүччүтүн билиэхтээҕий?» – диэн этэ. Дьон олус сэҥээрбитэ».
Снежана ВОРОНОВА