Ый кэриҥэ ааста. Маргарита Константиновна Петрова Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо издательствотыгар кэлэн барбыта. Үгүс көлүөнэ Саха сирин оҕолорун сайыннарыыга үлэлээн кэлбит “Бэлэм буол” – “Кэскил”, “Будь готов!” – “Юность Севера” хаһыаттар туһунан кэпсэппиппит. Бастакы оҕо хаһыата төрүттэммитэ 85 сылын көрсө былааннаах үлэни ыытар туһунан сүбэлэһэн барбыппыт.
Маргарита Константиновна саҥаны, сонуну хорсуннук ылынар, үйэлээх үгэһи аныгы оҕоҕо тиэрдэр ньымалары тобулсубут муударай, мэлдьи олох үөһүгэр сылдьар эрчимнээх көҕүлээччи, тылын ылыннарар салайааччы. Бу да бүтэһик сырыыга уларыта тутуу кэмигэр, оҕону иитии ханнык хайысханан барыахтааҕар, онно оҕо журналистиката, оҕо бэчээтэ туох суолталаныахтааҕын туһунан тобулбут толкуйдарын үллэстибитэ. Хаһыаттары, сурунааллары тутан олорон тугу сэргээбитин, тугу өссө дириҥэтэн тиэрдиэххэ сөбүн бэлиэтээн эппитэ.
Маргарита Константиновна хас да көлүөнэ оҕону хаһыакка сыһыаран иитиини тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ. Ол иһин оҕо интэриэһин тардыы, түмсүүлээх үлэ туһунан өрө көтөҕүллэн кэпсэппиппит. Кини: «Республикаҕа тарҕанар бастыҥ хамсааһыннар идеялара бу мантан тарҕанар этэ,» — диэн улахан соругу туруорбута. Бииргэ үлэлээбит дьонун биир-биир ааттаан, Саха Республикатын үөрэҕин министерствотын оҕону иитиигэ салаатын кытта кыттыһан үлэлээһин хайысхаларын туһунан сэһэргээбитэ.
Сүбэһиппит, энчирээбэт санаалаах, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар ытыктыыр киһибит, Маргарита Константиновна, Эн чаҕылхай уонна ураты ис хоһоонноох олоххун оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, аймах-билэ дьонуҥ, үөлээннээхтэриҥ, үөрэппит, алтыспыт эдэр көлүөнэ ыччатыҥ салгыахтара диэн эрэнэбит. Быдан дьылларга бырастыы.
Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан
«Кэскил» оҕо кыһатын ветераннара уонна коллектива