Бу күннэргэ биһиги республикабытыгар олоҥхо декадата ыытылла турар. Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһутааҕы К.С.Чиряев аатынан норуот педагогикатын түмэлин методиһа Валентина Осипова оҕону иитиигэ олоҥхо суолтатын кэпсиир. Эпоска ойууланар олох — сайылыкка баар диэн санаатын үллэстэр.
Олоҥхо, киһи — аймах духовнай баайын биир чыпчаала: «Ханна да буолбатах манна эрэ» саха норуотугар төгүрүк, алааска, сирэй оһох иннигэр айыллыбыта, үөскээбитэ. Ол эрэн билигин ол алаастарбыт үгүстэрэ иччитэхсийэн тулаайахсыйан тураллара наһаа үгүс. Киһи — аймах сайдыыны батыһан куораттарга түмүстэ. Ол туох да куһаҕана суох эрээри, саха төрүт олоҕун кытта куорат олоҕо хайдах да дьүөрэлэһэр кыаҕа суох. Эдэр дьон сайдар — үүнэр саастарыгар олох ирдэбилинэн киэҥ сиргэ талаһаллара, олох үчүгэйин, бастыҥын батыһаллара омнуоланыан сатаммат. Олоҥхо тутулунан, омун төлөн киирсиитин түмүгэр хайаан да да Кэрэ кыайар өрөгөйдүүр! Кэрэни кэрэһэлиир, норуотун туһугар Кэрэ кыыс туһугар дуолан, омуннаах охсуһууну көрсөн,уоту – ууну ортотунан сылдьыбыт Орто дойу бухатыыра кыайыылаах тахсар! Төрүт буоругар аҥаат -муҥаат алааһыгар төннөр!
Олоҥхо уонна олох. Олох биирдэр дии саныыбын. Сахалар киһи күн устата уонунан моһолу ааһа көтөн олох олорор дииллэр. Оччоҕо Олох Олоҥхоттон туох уратылааҕый? Олоҥхо саха тылынан айыллыбыта. Сахалыы саха олоҕунан. Билигин дьиҥнээх саха олоҕо тыа сиригэр чуолаан -сайылыкка баар. Мин бэйэм сайылыктаахпын ол иһин ити курдук бигэтик этэбин.
Төрүт өбүгэ дьоммут сүөһү – сылгы ииттэн, булт бултаан сайынын куйааска буһан, кыһынын тымныыга тоҥон, аарыма кыыллары кыайан, минньигэс амтаннаах аһы аһаан олорон аастахтара. Кистэл буолбатах биһиги саастаах дьон оҕолорбутун тыа сирин хаһаайына буол диэн ииппэтэхпит. Биһигини да оннук ииппэтэхтэрэ. Олох соторутааҕыта дылы оскуолаҕа үөрэниэн ыарарҕатар, аралдьыйар,сүрэҕэлдьиир оҕолору: «Ынах кутуругар хаалыаҥ” диэн куттааһын баара. “Оҕом үөрэхтээх буолуо, киин сир үлэһитэ буолуо» диэн сүөһүгэ сыһыарбат ыал элбэҕэ.
Айылҕа ирдэбилинэн,үрдүк Аар Тойон ыйааҕынан саха хааныгар баарынан,бу муҥутуур сайдыылаах кэмҥэ биирдиилээн да буоллар тыа сиригэр тардыһыы, олохсуйуу олоххо киирэн эрэрэ кэрэхсэбиллээх. Сир – сир аайы эдэркээн уолаттар бааһынай хаһаайыстыба, араас тэрилтэ тэринэн, аныгылыы толору хааччыллыылаах дьиэ -уот туттан тыа сиригэр, хаалан турбут сайылыктарга олохсуйан эрэллэриттэн үөрэбит.
Сайылык олоҕо түбүктээх, бүтэн биэрбэт,өрөөн өрө тэппэт олох. Олох кэрэһэлииринэн төрөппүтү төрөппүт үөрэтэр иитэр. Төрөппүт олоҕо өрөбүлэ суох. Оҕо төрөппүтүн көрөн, онно уһуллан киһи буоларын араас кэмҥэ норуот да, араас үөрэхтээх да эттэ тыынна. Оччотугар биһиги дьиҥнээх саха киһитин иитиэхпитин баҕарар буоллахпытына сыйылыктаныах тустаахпыт. Сайылыкка улааппыт оҕо сир хаһаайына буолар олох оскуолатын ааһар.
Валентина Осипова, Үөһээ Бүлүү улууһун
Ороһутааҕы К.С.Чиряев аатынан норуот
педагогикатын түмэлин методиһа,
Василий Пак хаартыската