1994 сыллаахха тулаайах оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ иитии бэлиитикэтигэр олоҕуран, оҕону иитэ ыларга санаммыппыт. Ол санаабытын толорон, 9 оҕолоох дьиэ кэргэн буолабыт. Бүгүн мин билиҥҥи кэмҥэ дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолугар тохтуом.
Элбэх оҕону иитэргэ аҕа оруола үрдүк буолуохтаах
Төрөппүт аҕаларбыт биһиэхэ сыһыаннарыттан, уйулҕа үөрэхтээхтэрин этиилэриттэн да биллэххэ дьиэ кэргэн бигэ туруга аҕаттан тутулуктааҕа арылхайдык көстөр. Ыал аҕата бөҕө ис туруктаах буоллаҕына, дьиэ иһинээҕи турук эмиэ бөҕө буолар.
Биһиги аҕабыт, Андрей Никитич Иванов, төрүт Ороһу олохтооҕо. ОДьКХ үлэһитэ. Аҕабыт аҕата, Никита Давыдович, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, кадровай булчут этэ. Бултуур кэмигэр төһөнү бултаабытын, хас бырыһыан былаанын толорбутун, айылҕаны кэтээн көрбүтүн барытын сурунан испит. Суруммут дневнигэ, сэрииттэн аҕалбыт уу иһэр билээгэтэ, сүгэһэр суумката чымыдааныгар харалла сытар. Кыайыы күнүн аайы дьиэтээҕи түмэл-чымыдааны оҕолорго көрдөрөбүт. Бу аҕанан киэн туттуу холобурун көрдөрөр дии саныыбын.
Мин ийэм, Христина Михайловна Антонова, ыанньыксыт этэ. Кини сыралаах үлэтэ Ленин орденынан бэлиэтэммитэ. Ийэбит дьиэтигэр кэлэн сынньаннын диэн, аҕабыт Капитон Николаевич колхозка үлэтин быыһыгар, биһигини, оҕолору дьаһайан дьиэ ис-тас үлэтин үмүрүттэрэн кэбиһэрэ. Оҕо эрдэхпититтэн үлэни сыаналыы үөрэнэрбитигэр төрөппүттэрбит үөрэхтэрэ улахан.
Тыа ыалын сиэринэн сүөһүлээх-астаах, хаһаайыстыбалаах буолан оҕону үлэнэн иитиигэ ыарахаттары көрсүбэтэхпит. Бары күргүөмүнэн хотоҥҥо сылдьарбыт, от оттуурбут. Билиҥҥи техника үйэтигэр оҕолору кытта тыраахтарынан от охсуута, мустарыыта, рулоннааһын, тиэйии кээһии үлэтэ бырааһынньык курдук буолара. Сатабылга барытыгар оҕолорго элбэх саҥата суох көрдөрөн, үөрэтэн биэрэриттэн үлэ түмүктээх буолар. Кини сахалыы сэмэйдик үлэлии таҕыстаҕына, оҕолорум кыраларыгар «Аҕаҕытыгар көмөлөһө тахсыҥҥытыый», — диэн кэнниттэн ыыталыырым, тохтуу түһэн баран көрдөхпүнэ, оҕолор аҕаларын кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлии сылдьар буолаллар. Аҕабыт оҕолорун сыыстыҥ, сатаабатыҥ, кыайбатыҥ диэн хаһан да сэмэлээн дуу, дьарыйан дуу саҥарбат, сэмэлээбэт. Саҥата суох көрдөрөн, сөбүн көрөн хайҕаан, эбэтэр сыыстахтарына хатылаан көрдөрөн биэрэр үгэстээх. Ол да иһин улахан да, кытай да тыраахтардары кыыстыын, уоллуун бары ыыталлар эрэ буолбакка, от оҕустарар, мустарар, кээһэр, түстүүр, кыдамалыыр сатабылы бары сатыыллар.
Ыраах сиргэ, арыыга, оттуу барыы — күүтүүлээх бырааһынньык
Улахан массыынан дьиэнэн көһөн оттуур сирбитигэр тиийэн оттоон, балыктаан, сир астаан кэлэбит. Отуу олоҕун оҕолорбут астыналлар. Хайа да омук сиринээҕэр, туһалаах сынньалаҥ буолар. Отуу уотугар оргуйбут чэй, астаммыт ас ураты минньигэс уонна тотоойу буолар диэн оҕолор үөрэ-көтө ахталлар, кэпсэтэллэр. Ити барыта аҕабыт үөрэтиитэ, сатабыла буолар. Кини сатаабатаҕа суох.
Алта оҕобут туспа ыал буолан,атын улуустарга олордоллор да, олохторун, үлэлэрин быыһыгар кэлэн үлэбитин үмүрүтэн, ахтылҕаннарын таһааран бараллара биһиэхэ күндү. Кинилэр кэллэхтэринэ, биһиэхэ бырааһынньык буолар. Биһиги онтон дьоллонобут.
Билигин оскуолаҕа үөрэнэр үс оҕолоохпут. Сааһыраммыт ынах сүөһүлэрбитин эдэр ыал бырааттарбытыгар биэрбиппит, атыылыырын атыылаабыппыт. Сылгы иитиитинэн дьарыгырабыт. Оҕолор аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьан сылгы көрүүтүн үөрүйэхтэригэр үөрэнэллэр. Ону сэргэ дьиэнэн сылдьан дьыл кэмигэр балыктааһынынан дьарыгырабыт. Кыһынын муус аннынан илим үтэллэр. Сааскы куйуур күүтүүлээх кэм. Сайын, күһүн туу быраҕаллар, күөгүлүүллэр. Балыктыыр тэрил арааһын эндэппэккэ билэллэр. Балыкка дьиэ кэргэнинэн сылдьабыт.
Оҕону иитиигэ аҕа оруола күүстээх. Оҕоҕо аҕа туһунан үчүгэй өйдөбүлү ийэ биэрэр аналлаах. Ийэ оҕотугар аҕа уобараһын үрдүктүк тутуон наада. Аҕа чөл туруктаах буоллаҕына — оҕо доруобай, ситиһиилээх буола улаатар.
Галина Котоконова, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.