Биир күн убайдыы-бырааттылар, түөрт буолан, тыаҕа кустуу тахсаллар. Саас буолан, бырдаҕа эҥинэ суох, үтүө күннэр үүммүттэр. Хара тыа, көлүйэ күөл чуумпуран, иһийэн тураллара, көрүөххэ, кэрэтэ.
Уолаттар абаҕалара Өөччөөн оҕонньор үүтээнигэр, өлбүтүн кэннэ, үс сылынан биирдэ, кэллилэр. Абаҕаларын дьиэтин оттон, сыт таһааран, уоту аһатан наллаан, нухарыйыахча буолан, умуллан эрэр уот кыырпахтарын көрө сытан, арааһы кэпсэттилэр. Кэпсэтиилэрэ үксэ абаҕаларын туһунан буолла…
Cалгыытын манна иһит:
Автор Анна СЛЕПЦОВА.