Кулун тутар 29 күнэ — Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Тараҕай нэһилиэгэр, кырдьыга даҕаны, тыыннаах дорҕоон, дохсун ырыа, күүстээх эрчим, сырдык тэтим күнүнэн буолла диэтэхпинэ алҕаһаабатым буолуо.
Ол курдук, «Үс сэргэ» оҕолорго аналлаах тыыннаах доҕуһуол өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас фестиваль үрдүк таһымҥа ыытыллан, кыттааччы, көрөөччү кутун-сүрүн тутуон тутта.
Бу бэрт сэргэх уонна аныгы тэтимнээх тэрээһин тэрийээччилэринэн Табаҕатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата, Мэҥэ-Хаҥаластааҕы култуураҕа сайдыы салалтата, К.И. уонна И.К. Бурнашевтар ааттарынан Табаҕатааҕы култуура киинэ буолаллар.
Хайа баҕарар күрэх дьүүллүүр сүбэ сыанабылын ылар. Ол курдук тыыннаах доҕуһуол фестиваль кыттааччы ВИА-лары тыыннаах муусукаҕа уһулуччу сыһыаннаах дьон, ырыа айааччылар уонна толорооччулар, култуура туйгуннара Иннокентий Гаврильев-Лэкиэс, Петр Петров-Бүөккэ Бөтүрүөп, Ульяна Сергучева-Күннэй, эдэр мусукаан Эллэй Васильев уонна Табаҕатааҕы култуура киинин исписэлииһэ Елена Александрова көрдүлэр, сыаналаатылар.
Күрэххэ барыта 10 вокальнай-инструментальнай ансаамбыл кыттыыны ылла. Саастарынан саамай кыралар — тоҕустара эрэ. Ыраахтан сылдьааччылар — Сунтаар үөрэнээччилэрэ бааллар.
Кыттааччы ВИА-лар 2-лии ырыаны толордулар. Холобур, Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын «Эрэл» ансаамбыла салайааччылара Павел Павлович Яковлев «Сайын кэлиитэ», «Төрөөбүт дойдум Нөмүгүм» ааптарыскай ырыаларын толордулар. Оҕолор бары даҕаны сүрдээх бэлэмнээх, ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Майа лиссиэйин «Ай-Куо» ВИА-та эмиэ бэйэлэрин айымньыларын толордулар. Ырыаларын Алина Захарова (вокал) суруйар эбит.
Оҕолорго тыыннаах доҕуһуол фестивалын тыыннаах муусукаҕа бас-көс киһи Анатолий Фёдорович Босиков иилээн-саҕалаан ыытта.
Ол курдук Гран-при хаһаайынынан уонна «Үс сэргэ» оҕолорго аналлаах тыыннаах доҕуһуол өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас фестиваль муҥутуур кыайыылааҕынан Сунтаар улууһуттан Маар-Күөл орто оскуолатын «Уран Куо» ВИА ааттанна уонна харчынанан наҕараадаланна.
«Уран Куо» ВИА кыттыылаахтара: 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Вика Бурцева — ритм-гитара, Марианна Герасимова — соло-гитара, Нарыйа Дойдукова — бас-гитара, Анджела Иванова — вокал. Онтон салайааччылара Владимир Васильевич Константинов «Бастыҥ салайааччы» анал ааты ылла.
1 истиэпэннээх лауреат аатын Майа лиссиэйин үөрэнээччилэрин «Ай-Куо» ВИА-та ылла. Салайааччылара — Анатолий Федорович Босиков. «Ай-Куо» ВИА састааба: Алина Захарова — бас-гитара, Карина Николаева — клавиша, Настя Неустроева — гитара, Лиана Тумусова — ударнай.
2 истиэпэннээх лауреатынан Чурапчы улууһуттан Сылаҥ орто оскуолатын «Сырдык күүс» ВИА-та ааттанна. Ансаамбыл кыттыылаахтара: Саша Маркова — ритм-гитара, Ганя Борисов — соло-гитара, Сайаана Корякина — бас-гитара, Антон Борисов — ударнай, Антон Беляев — вокал. Салайааччылара: Айсен Гаврильевич Борисов.
3 истиэпэннээх лауреатынан Дьокуускай куораттан «051» ВИА буолла. Салайааччылара: Лера Мудрова (Забей, Лерочка). «051» ВИА-ҕа оонньууллар: Эсмира Соловьева — вокал, Таисия Сычевская — гитара, Диана Манузина — бас-гитара, Света Перова — ударнай инструмент.
Оскуола оҕолоругар аналлаах «Үс сэргэ» тыыннаах доҕуһуол өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас фестиваль 1 истиэпэннээх дипломана — «Чысхаан» ВИА (Горнай улууһа Маҥаны орто оскуолата). Ансаамбыл кыттыылаахтара: Артур Вензель — ритм-гитара, Уруйдаана Чемезова — бас-гитара, клавиша, Анатолий Вензель — ударнай инструмент. Салайааччылара: Алексей Петрович Вензель — соло-гитара.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа оҕо ускуустубатын оскуолатын «Кэнчээри» ВИА-та 2 истиэпэннээх дипломант аатын ыллылар. Салайааччыра: Григорий Егорович Борисов. Ансаамбылга Виолетта Кузьмина — соло-гитара, Дайаана Гаврильева — бас-гитара, Дайаана Абрамова — клавиша, Люда Васильева — ударнай инструмент, Сандаара Бурнашева — вокал, Лариса Саввина — вокал, хомус, Айсиэн Гоголев — хомус оонньууллар.
3 истиэпэннээх дипломанынан Хаҥалас улууһун Ой орто оскуолатын «Эрэл» ВИА ааттанна. Харыстаана Никифорова — солистка, Амина Александрова — ритм-гитара, Эмилия Яковлева — соло-гитара, Ярик Стручков — бас-гитара, Надя Филиппова — ударнай инструмент. Салайааччылара — Павел Павлович Яковлев.
Анал ааттарынан наҕараадаланнылар:
«Бастыҥ барабанщик» — Антон Борисов, «Сырдык күүс» ВИА.
«Бастыҥ соло-гитарист» — Ганя Борисов, «Сырдык күүс» ВИА.
«Бастыҥ бас-гитарист» — Дайаана Гаврильева, «Кэнчээри» ВИА.
«Бастыҥ вокалист» — Алина Захарова, «Ай-Куо» ВИА.
«Бөлөх тутааҕа» — Таисия Сычевская, «051» ВИА.
«Ырыаны бастыҥ тиэрдии» — Артур Вензель, «Чысхаан» ВИА.
«Бастыҥ салайааччы» — Владимир Константинов, «Уран-Куо» ВИА.
Оскуола оҕолоругар аналлаах «Үс сэргэ» тыыннаах доҕуһуол өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас фестиваль тэрийээччитинэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Табаҕатааҕы Оҕо ускуустубатын оскуолата буолар.
Дириэктэр Татьяна Брызгалова күүс-көмө, тирэх буолбут дьоҥҥо махталын тиэрдэр уонна тыыннаах доҕуһуол фестивала Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар суолун тэлэн кэскиллээх буоларыгар баҕара хаалар:
— Табаҕатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна үлэһит кэлэктиибин көҕүлээһининэн тэриллибит өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас оҕолорго аналлаах «Үс сэргэ» тыыннаах доҕуһуол бэстибээлэ этэҥҥэ үрдүк таһымҥа Тараҕай сиригэр-уотугар ыытыллан ааста. Тыыннаах доҕуһуолга анаммыт бэстибээл эдэр көлүөнэҕэ ананан, оонньуур таһымҥа, хайысхаҕа, ырыа ис хоһоонун арыйыыга, толору маастарыстыбатыгар болҕомтону туһаайар, толорооччу тас көстүүтэ, сыанаҕа туттууга-хаптыыга үлэлэһиитин сыаналыыр. Ити барыта култуура, духуобунас сайдыытыгар, ыччаты сырдыкка ыҥырыыга, кэрэҕэ сирдииргэ ыытыллар элбэх хайысхалаах үлэттэн биирдэстэрэ буолар.
Хас биирдии талаан сыаналаныахтаах, кэрэҕэ үлэ бэлиэтэниэхтээх диэн туран бэстибээли тэрийсэргэ көмө-тирэх буолбут биир санаалаахтарбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит: Мэҥэ-Хаҥалас улууһун салалтатыгар, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениетыгар, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин сыантырыгар, «Мэҥэ кэскилэ» оҕо общественнай түмсүүтүн лидерыгар, Майатааҕы лиссиэй 10 кылааһын үөрэнээччитигэр Вера Захароваҕа, Н. Е Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» оҕо кыһатыгар, «Тараҕай нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии салалтатыгар уонна биир ситимҥэ үлэлэһэ сылдьар Капиталина, Иван Бурнашевтар ааттарынан Табаҕатааҕы «Ситим» сынньалаҥ киин кэлэктиибигэр, анал бириис туруорсубут нэһилиэкпит тэрилтэлэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Ону тэҥэ биһиэхэ үлэлэстэ күүстээх састааптан турар дьүүллүүр сүбэ: Күннэй, Бүөккэ Бөтүрүөп, Лэкиэс, Эллэй Васильев. Эһиги ис сүрэххититтэн оҥорбут көмөҕүт хайа эрэ талааны арыйыа, ким эрэ санаатын көтөҕүө, муусука, түмсүү сүдү күүһүн туһунан үтүө өйдөбүлү хаалларыа!
***
Бу күн оҕолор тыыннаах доҕуһуоллаах муусука киһиэхэ дьайар сүдү күүстээҕин өссө төгүл тоһоҕолоон көрдөрдүлэр. Тыыннаах доҕуһуол ыччат ортотугар биһирэнэр, онон инникитин сайдар-үүнэр кэскиллээҕэ саарбаҕа суох.
Бу бэстибээл туһунан видеолары, хаартыскалары биһиги Телеграм каналбытыгар көрүҥ: https://t.me/keskil_media2020
Анна СЛЕПЦОВА.