Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһутааҕы Гаврил Николаев аатынан сынньалаҥ киинин үлэһиттэрин көҕүлээһининэн (директор М.С. Захарова) нэһилиэк олохтоохторо элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго Саҥа дьылга бэлэх биэрэн үөрдээри «Ёлка добра» аһымал акция дьааһыгын уурдулар. Биир бастакынан аһымал акцияҕа элбэх оҕону улаатыннаран атаҕар туруорбут ийэ Галина Капитоновна Котоконова кытынна.
Билиҥҥи туругунан 35 бадаарак киирдэ. Өссө да Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэр киирэллэрэ элбиир чинчилээх. Оҕолорго хайдахтаах курдук үөрүү буолуой! Бырааһынньык күн, бэрэскии сытыгар сууланан, Моруос оҕонньор бадаарактаах кыһыл мөһөөччүгүн сүкпүтүнэн киирэн, бадаарак түҥэтэрэ — туохха да солбуллубат соһуччу бэлэх. Ол да иһин Саҥа дьылы аптаах бырааһынньык диэн ааттыыллара оруннаах эбит!
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу нэһ.