Хас биирдии киһи олоҕор спорт наадалаах. Спорт баар буоллаҕына, киһи эт-хаан өттүнэн сайдар, доруобуйата тупсар. Ньурба оройуонун Хатыы нэһилиэгин олохтоохторо, оҕолоро успуортан туора турбакка, Мэҥэдьэктээҕи Василий Иванович Егоров-Буулдьа Баһылай аатынан спортивнай залга күн аайы кэлэн дьарыктана, доруобуйаларын сайыннара, тупсара тураллар. Бу туһунан «Чуораанчык» медиа-киинин корреспонденнара спортзал инструкторын Данилов Данил Алексеевичтыын көрсөн кэпсэттилэр.
— Данил Алексеевич, дэриэбинэбит олохтоохторо спорт өттүгэр сысталларыгар туох үлэ барарый?
— Хас күн аайы спортзал сарсыардаттан 9 чаастан киэһээ 9 чааска дылы үлэлиир. Бэнидиэнньиктэн бээтинсэҕэ дылы күнүс 4 чаастан киэһээ 6-та чааска дылы оскуола оҕолорун тустууга дьарыктыыбыт, «Утум» аҕа саастаахтар түмсүүлэрин кыттыылаахтара нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэн дьарыктаналлар. Манна кинилэр эт-хаан өттүнэн сайдар араас эрчиллиилэри, хамсаныылары оҥороллор. Уонна хас күн ахсын киэһээ 7 чаастан оскуола улахан кылаас оҕолоро, эдэр ыччат дьарыктанар. Манна кинилэр үксүн волейболга, футболга уонна тренажеркаҕа сылдьаллар.
— Онтон оскуола олоҕун кытта хайдах, туох үлэ барарый?
— Успуорт саалата уонна Хатыы орто оскуолата бииргэ үлэлиирбит элбэх. Ол курдук, хас ый аайы оҕолорго, учууталларга аналлаах араас хабааннаах күрэхтэри ыытабыт. Бу үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан ыла «Кросс наций» оҕолорго, тэрилтэлэргэ аналлаах күрэҕин ыыпыппыт. Бу ыйга былааммытыгар Аҕа күнүгэр аналлаах нэдиэлэҕэ «Аҕа уонна оҕо» диэн спортивнай күрэх ыытыахтаахпыт. Ити курдук, хас ый аайы араас, ураты тэрээһиннэри толкуйдаан ыытабыт. Күрэх ыытарбытыгар оҕолору тэрийээччи быһыытынан сырытыннарабыт. Успуорт быраабылатын, араас албастарыгар, практика курдук, бииргэ илдьэ сылдьан үөрэтэбит.
— Спорт сайдарыгар оҕолор көмөбүт туохха сытарый?
— Успуорт сайдарыгар оҕолор көмөлөрө улахан дии саныыбын. Ол курдук, оҕолор спорду өрө тутан дьарыктаныахтаахтар, успуорду «фанаттыахтаахтар» дии саныыбын. Оччоҕуна эрэ биирдэ кэлэр көлүөнэ сайдар, тупсар чинчилээх. Уонна саамай сүрүнэ — оҕолор чөл олоҕу тутуһуохтаахтар.
Хатыы орто оскуолатын «Чуораанчык» медиа-киинэ.