Саханы саха дэппит, көмүс хатырыктаах собо балыкпыт суолтатын үрдэтэр «Оо, собо барахсан» норуот бырааһынньыгар улахан дьон эрэ буолбакка, оҕо аймах эмиэ көхтөөх кыттыыны ылла. Кинилэргэ анаан «Мин соболоох дойдум» диэн уруһуйга куонкурус ыытылынна. 8-тан 12-гэр диэри саастаах кырачаан уруһуйдьуттар тэриэлкэҕэ бу тиэмэҕэ акрил кыраасканан уруһуйдаан кытыннылар.
Аан бастаан, Пелагея Николаевна Слепцова, Республикатааҕы Норуот айымньытын Дьиэтин исписэлииһэ, оҕолору былырыыҥҥы үлэлэри кытта билиһиннэрдэ.
Былырыын балык быһыылаах хаптаһыҥҥа уруһуйдаабыт буоллахтарына, быйыл – тэриэлкэҕэ.
Оҕолор көрөн, сэҥээрэн, идиэйэ ылынан – уруһуйдуулларын саҕалаатылар.
Тэриэлкэлэр, акрил кырааскалар, киистэлэр кыттааччыларга бэриллэллэр. Ону таһынан, сорохтор бэйэлэрин харандаастарын, араас киистэлэрин, маркердарын илдьэ кэлбиттэр.
Оҕолорго икки чаас бэрилиннэ. Ким эрэ харандааһынан уруһуйдуур, ким эрэ кыраасканан саҕалыыр.
Ол бириэмэҕэ, “Кружало” иһигэр олох күөстүү оргуйар… Сыанаҕа алгыс тылын этэллэр, онно балыктан оҥоһуктар тураллар, манна хартыыналар сыталлар, хаҥас диэки магниттары атыылыыллар, уҥа диэки — бэрэскилэри.
Кирилл Шамаев, V кылаас, 24 №-дээх оскуола үөрэнээччитэ:
—Мин уруһуйунан дьарыктаммытым син ыраатта, ДШИ-га эбии үөрэнэбин. Куонкурустарга элбэхтэ кыттыбытым, онтон манна аан бастаан.
Бу куокуруска мин эрдэттэн бэлэмнэммитим. Туох, хайдах, ханна ойууланарын былааннаабытым. Аан бастаан, тэриэлкэҕэ харандааһынан уруһуйдаабытым, онтон кырааскалаабытым.
Атын оҕолор үлэлэрин көрөн сөбүлээтим. Араастаан уруһуйдуохха сөп эбит.
Вика Новгородова, V кылаас, 2 №-дээх оскуолаҕа үөрэнэр.
—Мин уруһуй уруоктарыгар сылдьыбаппын, бэйэм ону-маны ойуулуурбун сөбүлүүбүн. Былырыыҥҥыттан дьэ астына уруһуйдуур буолбутум.
Бу куонкуруска оҕолор бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр. Олус үчүгэйдик уруһуйдаабыттар.
Дьүүллүүр сүбэ мин уруһуйбун сөбүлээбититтэн олус үөрдүм. I миэстэ ылбыппыттан дьоллоннум.
Валера Ядрихинский, III кылаас, Национальнай гимназия үөрэнээччитэ:
—Мин уруһуй куонкуруһугар аан бастаан кытынным. Тэриэлкэҕэ уруһуйдуур олус интэриэһинэй эбит. Хаһан да тэриэлкэни кырааскалыам дии санаабатаҕым.
Аны, маннык уруһуйдаан, ийэбэр да, атын да дьоҥҥо бэлэхтиэхпин сөп эбит дии санаатым.
I миэстэ — Вика Новгородова.
II миэстэ — Кирилл Шамаев.
III миэстэ — Дарина Куртуяхова.
Ааптар: Айаана Третьякова,
Ааптар түһэриилэрэ.