«Чуораанчык» сурунаал балаҕан ыйынааҕы нүөмэригэр «Оҕолор айаллар» рубрикаҕа «Үлэтэ суох олох суох» диэн Өлүөскэ уол туһунан остуоруйа бэчээттэнэн таҕыста. Бу остуоруйаҕа «Үлэ диэн тугуй?» боппуруос тула оҕолор өйдөрүн тобуллулар. Бастаан утаа Өлүөскэ уол толкуйдаабаппын, туһата суох диэн өһөстө. Ол эрэн, бүтэһигэр санаатын син биир суруйда. Уол, дьэ, тугу суруйбутун бу «Чуораанчык» сурунаалы илиигитигэр туттаххытына билиэххит.
Ааптар Нария Егорова Ньурба улууһун Өҥөлдьө орто оскуолатыгар VI кылааска үөрэнэр. Кини бүгүн бэйэтэ айбыт остуоруйатын сурунаалга көрөн олус астынна, үөрдэ. Аан маҥнайгынан сурунаалы тапталлаах бастакы учууталыгар Наталья Марковна Семеноваҕа туттарда.
«»Чуораанчык» сурунаалга маҥнайгы кэпсээним бэчээттэнэн таҕыста. Кырачаан балтыларбар, бырааттарбар анаан суруйбутум. Бэйэбин сурунаалга көрөн, остуоруйабын ааҕан баран олуһун диэн үөрдүм. Мин остуоруйабын Сахабыт сирин араас муннугар ааҕыахтара, сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Сурунаалы чугас дьоммор, маҥнайгы учууталбар бэлэх ууннум. Оҕолоор, эһиги эмиэ бэйэҕит үлэлэргитин, айымньыларгытын тапталлаах «Чуораанчыкпытыгар» ыытыҥ, өрүү ааҕыҥ, туһаныҥ, билиигитин хаҥатыҥ, айа-тута сылдьыҥ! Сахалыы тыллаах «Чуораанчыкпыт» бары үлэһиттэригэр махтал, ааҕааччыларга эҕэрдэ!» — диэн Нария санаатын үллэһиннэ.
Учуутал эбээт, буукуба, сурук, толкуйдуур өйү сайыннарар ийэ кэриэтэ күндү киһи!
Саха тылын уонна литературатын учуутала Нюргуяна Григорьевна Кириллина аан бастаан Нария остуоруйатын аахпыт уонна сурунаалга ыытарга санаммыт.
«Бүгүн биһиэхэ олус үөрүүлээх күн. Оҕобут Нария остуоруйата Өрөспүүбүлүкэбит биир соҕотох саха тылынан тахсар «Чуораанчык» сурунаалыгар бэчээттэннэ. Мин бэйэм 15-с сылбын суруйтарабын, үлэбэр туһанабын. Сурунаал сылтан сыл тупсан иһэр. Нария остуоруйата бүгүн элбэх оҕону кынаттаабыт буолуохтаах. Чуораанчыкпытыгар махтал!».
Нюргуяна Захарова