Киһиэхэ барытыгар: омугуттан, итэҕэлиттэн, кэмиттэн тутулуга суох – бу сиргэ күндүттэн күндүтэ – оҕото буолар. Биһиги оҕобут хайдах киһи буоларын, салгыы хайдах сайдарын туһунан өрүү саныыбыт.
Оҕобутугар өрүү үтүөнү эрэ баҕарабыт. Оттон киниэхэ үчүгэйи хантан, хайдах булан биэрэбит? Үчүгэй диэн тугуй? Оҕобутугар бэлэхтиир улахан бэлэхпит тугуй? Оонньуур (төлөпүөн, көмпүүтэр, массыына), сынньалаҥ олох (баай-дуол, дьиэ-уот) эбэтэр таҥас-сап дуу? Бу туһунан үгүс дьон толкуйдуур буолуохтаах.
Хас да сыллааҕыта оҕо литературатын симпозиумугар сылдьыбытым. Элбэх омук мустубут симпозиумугар наар оҕо, чуолаан, оҕо литературатын туһунан кэпсэппиппит. Манна сүрүн кыһалҕа – оҕо төрөөбүт тылыттан, култууратыттан тэйиитэ, дьон аахпат буолуута эбит этэ. Бу кыһалҕа дириҥэ, далааһына омук халыҥыттан, төһө туруктаах олохтооҕуттан быһаччы тутулуктаах эбит диэн бигэтик өйдөөбүтүм. Холобур, бэйэтэ туспа сирдээх-уоттаах казаахтары уонна Кемерово уобалаһыгар олорор, бэйэтэ оскуолата, хаһыата-сурунаала суох шор омугу тэҥниир ханан да сатаммат…
Тэтим өссө түргэтээтэ, оҕобут-ыччаппыт нуучча тылыгар көһүүтэ күннээҕи көстүүгэ кубулуйан эрэр. Маннык түгэҥҥэ тугу хамсанабыт, тугу тобула охсобут, ыччаппытын кытта ситиммитин хайдах күүһүрдэбит? Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайарынан, үгүстүк бу туһунан суруйуохха-кэпсэтиэххэ, ким туох ситиһиилээҕин билсиэххэ. Холобур, оҕолорун сахалыы саҥардар, ол туһугар анаан-минээн толкуйдуур, үлэлиир ыалы, аймаҕы, түөлбэни, оскуоланы, түмсүүнү билсиэххэ, кинилэр тула түмсүөххэ. Дьокуускайга “Күөрэгэй” диэн кэрэ ааттаах ийэлэр түмсүүлэрэ баар. Кинилэр курдук, кинилэри кытта үлэлиэҕиҥ. Улуус-улуус ахсын, сахалар түөлбэлээн олорор сирдэрбитигэр оҕолорбутун сиэтэ сылдьан саха тылын сайдар эйгэтин олохтуоҕуҥ. Оннук холобур Москуба куоракка олорор ыаллар түмсүүлэригэр көрүөххэ сөп. Кэмчиэрийэн, бириэмэм суох диэн ыччаппытын сүрүн баайа – төрөөбүт тыла – суох хаалларыахпытын сөп…
Түмүктээн эттэххэ, оҕону наар кэпсэтэн, кини тоҕус төгүл тоҕус ыйытыытыгар барытыгар хоруйдаан, быһааран, элбэх дьону кытта алтыһыннаран улаатыннарыахтаах эбиппит. Оттон онуоха кинигэ төрүөт эрэ буолар эбит. Кэпсэтэ үөрэммит, иһигэр толкуйдуур, дьону кытта санаатын үллэстэр оҕо ааҕарга бэлэм буолар, киниэхэ атын киһи ис эйгэтэ эмиэ кэрэхсэбиллээх. Маныаха, биллэн турар, төрөөбүт тыл суолтата сүҥкэн.
Биирдиилээн киһи тутта-хапта сылдьара, саҥарара-иҥэрэрэ, толкуйдуура, быһыыта-майгыта – быһатын, кини олоҕун бары ымпыга-чымпыга омугуттан олус улахан тутулуктаах эбит. Атыннык эттэххэ, киһи киһи буоларыгар омук туруга олус дьайар эбит. Кэтээн көрдөххө, сайдыылаах, күүстээх омук киһитэ бэйэтин дохсуннук сананар, ол кини тус бэйэтин билиититтэн-көрүүтүттэн, кыаҕыттан тутулуга суох. Оттон элбэх кыһалҕалаах, аҕыйах ахсааннаах омук ыччата, төһө да саастыылаахтарыттан итэҕэһэ суох билиилээх-көрүүлээх буоллар, кини син-биир муҥкук, ньэҥирэ суох буолар эбит. Маны психологияны чинчийэр дьон бигэргэтиэхтэрин сөп дии саныыбын.
Александра Матвеева, «Айыы кыһатын» учуутала, Дьокуускай.