Оҕо тоҕо сымыйалыырый? Төрөппүттэрин, доҕотторун албынныырын ааһан, оннооҕор сымыйаны кэпсээн, буруйа суох улахан дьону уган биэрбит, балыйбыт түбэлтэлэрэ да баар. Холобура, хаһан эрэ Дьокуускай үөрэнээччитэ, бэйэтэ халтарыйан охтон түһэн баран, дьонугар массыына кыһарыйан аста диэн этэн, айдаан бөҕөтүн таһаара сылдьыбыттааҕа. Интернет сонуннарыгар хара джиптээх суоппары көрдүүллэрин туһунан суруйбуттара аҕай. Онтон биллибитэ, оҕо бэйэтэ өйүттэн айбыт эбит. Эмиэ ол кэмҥэ илин эҥээр улууһугар биир кыыс: «Дьүөгэлэрбин икки эр киһи массыынаҕа олордон илдьэ барда», — диэн сымыйалаан, холуобунай дьыала тэриллэ сыыспыта.
Дьэ, оҕолор итинник тоҕо сымыйалыылларый? Төрүөтэ туохханый? Ону хайдах суох гынабыт?
Бу ыйытыыга хоруйдуур Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүллээх буолуутун киинин психолога Мария Анисимова.
Төрүөтэ тугуй?
Оҕо сымыйалыыра араас төрүөттээх буолуон сөп. Онуоха маннык биричиинэлэр бааллар:
Төрөппүт аптарытыата. Оҕоҕо ийэтэ, аҕата диэн саамай сүрүн оруолу оонньуур дьоно буолаллар. Ол иһин үгүс оҕо кинилэри хомотумаары, кинилэргэ үчүгэй курдук көстөөрү, эрэллэрин түһэн биэрбэтэҕин көрдөрөөрү, албынныырга күһэллэр.
Бэйэни бас билии. Обургу оҕо улаатар сааһыгар улахан суолтаны кимтэн да тутулуга суох буолууга уурар. Бэйэтэ туспа толкуйдаах киһи буоларын биллэрэ сатаан, ардыгар сымыйалыыр. Оннук гынан, бэйэтэ эрэ билэр ис эйгэтин тас дьайыыттан, сабыдыалтан харыстыыр, көмүскүүр.
Соҕотохсуйуу. Соҕотохсуйар оҕолор ону-маны айан кэпсииллэрин сөбүлүүллэр. Ол төрөппүттэрин, доҕотторун болҕомтолорун тарда сатаан, дьоҥҥо интэриэһинэй буолан көстөөрү, тустаах түбэлтэҕэ, түгэҥҥэ кинилэр эмиэ сыһыаннаах курдук буолаарылар. Холобур, үксүн кимниин эмэ билсиһээри, кимиэхэ эрэ бэрт буолаары, олоҕор дьиҥнээхтии буолбатаҕы, суоҕу айан, фантазиялаан кэпсиэн сөп.
Куттал. Оҕо куттаннаҕына, төрөппүттэригэр эрэ буолбакка, киһиэхэ барытыгар сымыйалыан сөп. Холобур, туох эрэ куһаҕаны кистээн, биитэр сыыһатын, алҕаһын саһыаран.
Кыбыстыылаах боппуруос. Ханнык тиэмэ оннук кыбыстыылаах, сэрэхтээх буолара сэрэйиллэр. Уол уонна кыыс туһунан. Нууччалыы эттэххэ, «сексуальное воспитание». Бу тиэмэҕэ аһаҕастык кэпсэтимээри, оҕо куотунан, араастаан албынныан сөп.
Утаралаһыы. Сороҕор оҕо бобууну-хаайыыны утаран, өсөһөн, бырачыастаан, сымыйалыан сөп. Буойууну обургу оҕо үксэ баттал, сэнэбил, быраабын күөмчүлээһин курдук ылынар, ол иһин утары бара сатыыр. Кини бэйэтин улааппыт курдук сананар, төрөппүттэриттэн тутулуктаах буолуон, бас биллэриэн баҕарбат.
Сымыйалыырга күһэллии, накаастабылтан куотунуу. Бу икки биричиинэ, арай, бэйэ-бэйэлэрин кытта туох да сыһыана суох курдуктар. Ол эрээри, ис дьиҥэр ыкса ситимнээхтэр. Оҕо бэйэтин санаатыгар дуу, дьиҥнээхтии дуу, куһаҕан быһыыны оҥорбут буоллаҕына, накаастанарыттан куттанан, сымыйалыырга күһэллэр.
Хайдах тохтотобут?
Оҕобут сымыйалыырын хайдах тохтотобут? Онуоха төрөппүттэр манныгы өйдүөх тустааххыт:
- оҕо төрөппүтүттэн куттаныа суохтаах;
- ханнык да түгэҥҥэ дьонум миигин таҥнарыа, быраҕыа, атаҕастыа, сэниэ суохтара диэн эрэллээх буолуохтаах;
- ыарахан түгэнигэр эһиги син биир өйүүргүтүн, көмөлөһөргүтүн билиэхтээх;
- ханнык баҕарар мөккүөргэ, быһаарсыыга ийэм, аҕам мин диэки буолуохтара диэн бигэ санаалаах буолуохтаах;
- сөпкө накаастаммытын өйдүөхтээх;
Оҕо – төрөппүт сиэркилэтэ
Өйдөөҥ: оҕолоргутун кытта төһө чиэһинэйгит уонна аһаҕскыт да, соччоннон оҕоҕут эһигитини кытта аһаҕас уонна чиэһинэй буолуоҕа.
Оҕо мэлдьи сымыйалыыр буоллаҕына – ол аата, ис дууһатыгар тугу эрэ тутар, туохтан эрэ санааргыыр.
Онон, бастатан туран, оҕоҕутун кытта аһаҕастык кэпсэтиэх, туох кинини долгутарын быһаарыах тустааххыт. Мөҕөр наадата суох – утары көрсөн олорон, кыыһырсыбакка эрэ, аа-дьуо истиҥник кэпсэтиҥ. Сымыйалыыр төрүөтүн быһаардаххытына, сүбэ-ама биэрэн, өйдөөн, өйөөн көмөлөһүҥ.
Аны туран, сороҕор оҕо ис кыаҕын, күүһүн-уоҕун, эрчимин, нууччалыы эттэххэ, энергиятин сатаан таһаарбакка, сөптөөх өттүгэр туһаммакка, ситэри бараабакка сылдьарыттан сымыйалыан сөп. Итинник оҕолору тугу сэҥээрэллэриттэн көрөн дьарыктыахха, аралдьытыахха наада.
Оттон өскөтүн оҕо албынныыра, сымыйалыыра ааспат, төттөрүтүн элбээтэр элбээн, дириҥээтэр дириҥээн иһэр буоллаҕына, дьэ, оччоҕуна суһаллык психологка көрдөрөргүт булгуччулаах, консультацияҕа сылдьаргыт ордук. Анал үлэһит кэпсэтэн, оҕо тоҕо сымыйалыырын быһаарыа, сөптөөх көмөнү оҥоруо. Онуоха Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүллээх буолуутун киинэ көмөлөһүөҕэ.
Билсэр төлөпүөҥҥүт: 35-10-46. Итэҕэйэн эрийэр нүөмэргит: 8-800-2000-122.
Бэлэмнээтэ Анисия Иевлева.