Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ
Кэнники сылларга оҕолор сахалыы кинигэни ааҕыахтарын баҕарбаттар диэн тыын боппуруос турар.
Мин санаабар, оҕо эрдэҕиттэн ааҕыыга интэриэһэ суох оҕолор бааллар, кинилэр олох атын маллары интэриэһиргиилэр: спорт, күүлэйдээһин, ардыгар компьютер оонньуулара, уруһуй, ырыа, үҥкүү. Ол эбэтэр атыннык эттэххэ, бу оҕолор былыргы дьон олоҕо, дьарыга туһата суох, олохтон олус ыраах, оттон тулабытыгар элбэх интэриэһинэй баар, тоҕо кинигэ ааҕыахтаахпытый диэн улааппыттар.
Атын өттүнэн толкуйдаан көрдөххө, оҕолор уус-уран тыллары өйдөөбөттөр, ол иһин айымньыны сатаан өйдөөбөттөр, ис хоһооно кыайан иҥмэт уонна, учуутал да көмөлөстөҕүнэ, ыарырҕаталлар. Ол оннугар нууччалыы фантастиканы, детективы уонна да атын жанрдары астынан ааҕаллар.
Онон мин оҕолорго сүбэлиэм этэ: cахалыы кинигэни элбэхтэ ааҕыҥ, оччоҕуна бэйэҕит төрөөбүт тылгытын умнуо суоххут, элбэх доҕордонуоххут, тылгытын тупсарыаххыт уонна кинигэлэр өйү-санааны сайыннараллар диэни хаһан да умнумаҥ!
Сандаара Софронеева, 8 кылаас үөрэнээччилэр
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.
Эһиги толкуйдана сылдьыбыккыт дуу, тоҕо билиҥҥи оҕолор олох сахалыы кинигэни аах аахпаттарый? Билигин толкуйдаан көрүөхпүт. Билигин оҕолор, төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билбэттэр, үөрэтэ да сатаабаттар, ол олус хомотор. Ити барыта кинини тулалыыр табаарыстарыттан, дьиэ кэргэниттэн, дьонноруттан тутулуктаах, кинилэр хайдах кэпсэтэллэриттэн-ипсэтэллэриттэн, суруйалларыттан тутулуктаах.
Иккиһинэн, билигин оҕолор туохха да интэриэһиргээбэттэр, кинилэр санааларынан кинигэлэргэ интэриэһинэй кэпсээн, остуоруйа суруллубатах. Кинилэр интэриэстэрэ сыл аайы уларыйар, онон оҕолору умсугутар, билигин тугу сөбүлүүллэринэн сөп түбэһиннэрэн суруйуохха уонна аахтарыахха сөп. Оҕолор билигин туох баар ааҕаллара нуччалыы суруллубут буолан, төрөөбүт тылларын умнан эрэллэр, Интернет онно олус улахан оруолу ылар.
Мин санаабар, иккис этиим саамай сөп түбэһэр. Тоҕо диэтэр, оҕолор интириэстэриттэн туох баар олус тутулуктаах. Холобур, аныгы оҕолор билигин ордук фантастическай жанры, атын тас дойдулар култуураларын интэриэһиргииллэр. Оҕолор аныгы технологиялары баһылаабыт буоланнар, оннук тиэмэни сырдатар айымньылары элбэтиэххэ сөп.
Миигин оҕолор кинигэнэн интэриэһиргээбэттэрэ олус хомотор, онон оҕолор кинигэлэри сөбүлүүллэригэр, ааҕалларыгар олус эрэнэбит.
Валя Гуляева, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.