Чуораанчык уол республика устун бэрт элбэх улууска күүтүүлээх уонна кэтэһиилээх ыалдьытынан биллэр. Элбэхтик айанныыр, көрөр-билэр, алтыһар, ааҕааччыларын кытта кэпсэтэр, иитээччилэрин, учууталларын кытта көрсөн сүбэлэһэр.
Үөһээ Бүлүү улууһугар «Солнышко» диэн уһуйаан баар, манна кырачааннар «Чуораанчыгы» кып- кыра эрдэхтэриттэн билэллэр. Сөбүлээн оонньууллар, сорохтор оннооҕор ааҕаллар.
Быйыл сурунааллар 35 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө, «Чуораанчык уолу оҥор» диэн оҥоһук конкуруһугар кинилэр күннээтилэр. Улахан бириистээх миэстэҕэ тигистилэр, «чээн», бары наһаа кыһаммыттар, ордук төрөппүттэр көмөлөспүттэр. Кинилэр үлэлэрин «Чуораанчык»-«Колокольчик» контагын сирэйигэр көрүөххэ сөп.
Бу күннэргэ биһиэхэ «Солнышкаттан» эрэллээх доҕорбут, республикаҕа арааһа бастыҥ үлэлээх иитээччи – Вера Анатольевна Васильева кэлэн барда. Сурунааллар сайдан уонна саҥа кэм ыйыытынан тупсан иһэллэрин биһириирин бу курдук кэпсээн ааста. Үөрэх стандартыгар, ФГОС ирдэбилигэр лоп-бааччы барсар диэн ситэрэн эттэ.
Күндү төрөппүттэр, учууталлар, иитээччилэр, библиотекардар!
Бу күннэргэ биһиги «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын таһаарыыларыгар («Чуораанчыкка», «Колокольчикка+», «Кэскилгэ» («Бэлэм буолга »), «Юность Севера» сурунаалга) сурутуу көхтөөхтүк барар. Тиэтэй, оҕоҕор күндү уонна олус суолталаах бэлэҕи утары уунаргын умнума.
Татьяна Жиркова, сүрүн эрэдээктэр