Биһиги оскуолабытыгар саха народнай суруйааччыта Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылын көрсө нэдиэлэ ыытыллар. Бэҕэһээ I-VIII кылаастар суруйааччы айымньыларыттан хоһоон ааҕан, ырыа ыллаан иһитиннэрдилэр.
II кылаастан Сёма Тобохов «Учууталга үөрэммиттэр», бөлөҕүнэн «Мэнигийээн-Мэникчээн», «Доҕордоһуу тойуга» хоһооннору, 3 кылаастар «Чыычаахтар», «Өскө наһаа баҕарыаҥ», «Эрдэ турбут оҕолор», «Хатыҥ», «Тэтиҥ» хоьооннору өйгө үөрэтэн аахтылар. Онтон IV-с кылаастар поэт «Күнү кытта оонньуубут» ырыатын доргуччу ыллаатылар. V-с кылаас кыргыттара «Чабырҕах азбуката» хоһоону түргэн тэтиминэн ааҕан иһитиннэрдилэр. Биһиги, VI кылаас оҕолоро, Петр Тобуруокап «Көтөн тахсыҥ, кыталыктар» ырыатын бары толорбуппут. VII-с кылаас оҕолоро «Эһэм курдук буолуоҕум» диэн хоһоону үөрэппиттэр, онтон VIII кылаастан Алина Санникова «Күһүн», бөлөҕүнэн «Сахам сирэ» хоһооннору ааҕан иһитиннэрдилэр. Маны таһынан үөрэнээччилэр суруйааччы айымньыларын ааҕыыттан тута уруһуйдааһын куонкуруһугар кытыннылар.
Биир дойдулаахпыт, оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Петр Тобуруокапка аналлаах тэрээһин салгыы ыытыллар. Аны кылаастарынан инсценировка туруоруутугар уонна «ТОК» оонньууга бэлэмнэнэбит.
Айыына Петрова,
6 кылаас,
Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата,
«Эрчим» корпост.