Хас биирдии учуутал, оскуола, төрөппүт оҕо хамсааһыныгар оҕотун сыһыаран, оҕо тус бэйэтин сайыннарарыгар тирэҕи уонна билиини иҥэриэхтээх. Оҕо ис дьиҥнээх, ис чиҥнээх, ис көҥүллээх буолан, тус олоҕун суолун бэйэтэ дьаһанар кыахтаныытыгар үлэлэһиэхтээх. Киһи буолан – дьоһуннук үүнэн тахсарыгар көмө буолуохтаах.
«Орлята России» хамсааһын тула кулун тутар 25-26 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэбит оскуолаларын сахалыы тыллаах алын кылаас учууталларыгар анаан үөрэҕи үрдэтии, уопут атастаһыы кылгас кэмнээх эбии үөрэхтээһин ыытылынна. Бу тэрээһин иккис күнүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ «Композиционная стратегия школьных новостей» диэн тиэмэҕэ учууталларга стратегическай сессия ыыттылар. Хамаандаларга арахсан оҕолору үөрэтэргэ сонун идеялары киллэрэр оонньуу тула муһуннулар. Бэйэлэрэ толкуйдаан бырайыак оҥордулар уонна көмүскээтилэр. Кэлин бу бырайыактар олоххо киирэллэрин ситиһиэхтээхпит.
Оҕо хамсааһына уонна учууталлар бииргэ үлэлэһэн оҕо тус уратытын булунарыгар, дьоҕурун билинэн ырытарыгар, толкуйдууругар, сайдыы саҥа арыйыыларыгар бастакы үктэл буоларга дьулуһар. Онон учуутал, оҕо хамсааһыннара, төрөппүт тэҥҥэ оҕону бары өттүнэн арыйан, чочуйан үлэлэһэри ситиһиэхтээх.
Нюргуяна Захарова, Анастасия Местникова
Оператор Саргылана Кондратьева