Кэлиҥҥи кэмҥэ төрөппүт оҕону нууччалыы тылынан иитэр, саҥардар буолла. Оҕолорбут төрөөбүт тылларын билбэт даҕаны, сатаан кэпсэппэт да буоллулар. Оҕо тулалыыр эйгэтэ барыта нууччалыы буолла. Бу уонна атын кэккэ ыйытыыларга бүгүн Дьокуускай куорат оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтэр-сайыннарар «Сайдыс» киинин салайааччытын Юлия Владимировна Андросованы кытары кэпсэтэбит. Кини идэтинэн пихолог, «Сайдыс» үөрэх босуобуйатын уонна куурустарын ааптара.
— Юлия Владимировна, билигин киин сиргэ уонна куорат эргин олорор эдэр ыал оҕолорун нууччалыы иитэр, саҥарда үөрэтэр буолбута баар суол. Оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн сахалыы саҥарбат буоллулар. Бу тоҕо манныкка тиийдибит?
— Хомойуох иһин, кырдьык, оҕолорбут төрөөбүт тылларынан саҥарар-кэпсэтэр дьоҕурдара сыллата мөлтөөн иһэр. Сатаан сахалыы саҥарбат, өйдөөбөт оҕолор элбээн иһэллэр. Ону кытары тэҥҥэ сахалыы иитиэн, саҥардыан баҕалаах төрөппүттэр элбээн иһэллэр. Ол гынан баран оҕолорбут син-биир нууччалыы саҥара тураллар. Тоҕото бэйэтэ элбэх биричиинэлээх. Биллэн турар, саамай сүрүнэ — оҕолор олус элбэх бириэмэни гаджекка, Интернеккэ, ютубка олороллоро, бириэмэлэрин атаараллара буолар. Холобур, оҕолор ютубка, телефоҥҥа, тэлэбииһэргэ көрбүт-истибит туох баар матырыйааллара барыта нууччалыы бэриллэр. Ону оҕо эрдэхтэриттэн, букатын саҥара да иликтэриттэн көрө улааталлар. Өссө биир сүрүн биричиинэтэ — төрөппүт оҕотун кытары оонньообот, сатаан оонньуурга үөрэппэт буолуута. Ол иһин оҕо оонньуур тутулун барытын били көрбүт Интернетиттэн, ютубтан ылар буолла. Онно көрөр дьоруойдара бары нууччалыы кэпсэтэллэр, саҥараллар. Ол иһин оҕо саастыылаахтарын кытары оонньууругар нууччалыы быһаарсар, кэпсэтэр буолар. Оҕо оонньууругар «субу маны барытын нууччалыы оҥоруохтаахпын» диэн бырагыраамаланар кэбиһэр. Ол иһин оҕолор, оннооҕор сахалыы да уһуйааҥҥа сылдьааччылар, бэйэлэрин истэригэр нууччалыы кэпсэтэр буолаллар. Хомойуох иһин, чинчийии көрдөрөрүнэн, аныгы төрөппүт оҕотун кытары кэпсэтэр бириэмэтэ сууккаҕа 30-ча эрэ мүнүүтэ. Аҥардас «кэл-бар» эрэ диэн буолбакка, оҕону кытары ис санааттан, сиһилии кэпсэтэр бириэмэбит баара-суоҕа ортотунан чаас эрэ аҥаара буолла. Биһиэхэ төрөппүттэр кэлэн «биһиги дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэбит ээ, ол гынан баран оҕобут нууччалыы саҥаҕа баран хаалар» диэн этэллэр. Ону бириэмэтинэн, сууккаҕа ааҕан таһаарар эбит буоллахха, төрөппүттэр букатын аҕыйах мүнүүтэ сахалыы кэпсэтэр буолаллар, онтон ордубут бириэмэтигэр оҕо нууччалыы тыллаах эйгэни кытары алтыһар, оонньуур. Ол иһин нууччалыы кэпсэтиитэ баһыйан, оҕо нууччалыы саҥара турар.
— Онтон маннык кыһалҕалаах оҕону хайдах төрөөбүт тылын билэ, саҥара улаатарыгар үөрэтиэххэ сөбүй?
— Биһиэхэ үксүн оскуолаҕа киириэн иннинэ саастаах оҕолор кэлэллэр. «Оҕобут нууччатымсыйбыт, биһиги төрөөбүт тылын билэ улаатарыгар баҕарабыт, ол иһин сахалыы кылааска биэрэбит» диэн кэлэр төрөппүттэр олус элбэхтэр. Биһиги бу маннык түгэҥҥэ тугу сүбэлиибитий? Бастатан туран, төрөппүттэр дьиэлэрин иһигэр оҕолорун кытары сахалыы эрэ кэпсэтиэхтээхтэр, сорох төрөппүттэр, үгэс курдук, оҕолоро нууччалыы эппиэттээтэҕинэ, ыйыттаҕына, нууччалыы тылынан хоруйдууллар. Оннук олох табыллыбат. Төрөппүттэр дьиэҕэ сахалыы эрэ кэпсэтэбит диэн кэһиллибэт быраабыла оҥостуохтаахтар. Итини кырата үс ый тутуһуллуохтаах. Холобур, биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн, оҕо үс ыйынан саҥа тылга, саҥа уларыйыыга түргэнник үөрэнэр. Оҕо мэйиитэ олус өҕүллүмтүө, хомоҕой, ол иһин оҕо сахалыы эйгэҕэ киирэрин төрөппүт үс ый күүскэ дьаныһан туран тутуһуоҕун наада. Оччотугар икки өттүттэн — төрөппүт уонна оҕо алтыһыыларыттан, сыыйа-баайа оҕо сахалыы кэпсэтэргэ көһүөхтээх. Холобур, биһиэхэ кэлбит оҕо булгуччу сахалыы эрэ кэпсэтэр диэн быраабылалаахпыт, истиэнэбитигэр ол ыйанан турар. Өскөтүн оҕоҕут нууччалыы ыйыттаҕына, сахалыы тылбаастаан эппиэттээҥ. Ити курдук бастакы кэмнэргэ нуучалыы саҥаны сахатытан биэриэххэ сөп. Оччоҕо оҕо түргэнник ылынар уонна өйдүүр. Ити курдук кыра-кыралаан оҕону сахалыы эйгэҕэ киллэрэн иһиҥ. Сахалыы куруһуоктарга сырытыннарыҥ, кэпсэтэр түгэннэрин төһө кыалларынан элбэтэ сатааҥ. Оҕону кытары алтыһыыбытын, отут эрэ мүнүүтэнэн муҥурдаммака, бириэмэтин элбэтэргэ дьулуһуоҕуҥ: 50/50 буоларын курдук, ол аата 50 быраһыана нууччалыы, 50-на сахалыы саҥа.
— “Сайдыс” оҕо киинин туһунан кылгастык билиһиннэрэ түһүөҥ буолаарай?
— “Сайдыс” 2016 с. үлэлиир. Бастаан мин 2015 с., кыыһым маҥнайгы кылааска киирэрин саҕана, биир даҕаны сахалыы үлэлиир эбии үөрэхтээһин киинин булбатаҕым. Онтон бэйэм билэр учууталбын ыҥыран, бөлөх арынан, оҕолору үөрэтэн саҕалаабыппыт, төрөппүттэр оҕолорун төрөөбүт тылларынан үөрэтэр баҕалаахтарын онно билбиппит. Ити курдук үлэбит саҕаламмыта.
Билигин бэһис үөрэх дьылын үлэлии сылдьабыт. Сүрүн сыалбыт — кыра саастаах оҕолору (2-11 саастаах) төрөөбүт тылларынан иитэбит, үөрэтэбит, кэпсэтэр эйгэни элбэтэбит уонна кэҥэтэбит. Биһиги араас хайысхалаах куурустардаахпыт (оскуолаҕа бэлэмнэнии, суот, түргэнник ааҕыы, логопед дьарыктара уо.д.а), ол аата сахалыы кэпсэтэргэ анаммыт үөрэтэр киин эрэ буолбакка, оҕо төрөөбүт тылынан төһө баҕарар сайдыан сөп диэн хайысхаҕа дириҥник үлэлэһэбит.
— Кэпсэтиибит түмүгэр төрөппүттэргэ туох сүбэ-ама биэриэххит этэй?
— Оҕону сахалыы саҥарда үөрэтии сүрүн быраабылата — дьиэ иһигэр сахалыы эрэ кэпсэтиини олохтооһун, оҕоҕо сахалыы эйгэни оҥоруу. Төрөппүт «оҕобун сахалыы иитиэхпин баҕарабын, оҕом сахалыы саҥарыахтаах» диэн бэйэтигэр сыал туруорунуохтаах. Сорох төрөппүттэр, муода курдук, оҕобут сахалыы саҥарыахтаах дии-дии биһиэхэ аҕалаллар, ол эрээри ис дьиҥэр киирдэххэ, бэйэлэригэр улахан баҕа санаа оҥостубаттар. Уопсастыба тугу этэринэн, «наада — наада» курдук саныыллар. Иккиһинэн, төрөппүт төһө кыалларынан оҕо сахалыы эйгэтин элбэтэ сатыахтаах. Холобур, эбэһээт куруһуокка эрэ сырытыннарбакка, култуура эйгэтигэр оҕону эмиэ сыһыарыахха сөп (хомуска, фольклорга). Үсүһүнэн, оҕо эбээлээх эһээтин кытары алтыһыытын элбэтиэххэ наада, төрөппүт булгуччу оҕобун кытары сахалыы эрэ саҥараҕыт диэн усулуобуйа тэрийиэхтээх. Уонна хайаан даҕаны дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы үгэс тутуһуллуохтаах. Холобур, саамай судургута остуол оонньуута буолуон сөп. Сахалыы мультиктары бииргэ көрүҥ, оҕо сахалыы сурунаалларын, хаһыаттарын, кинигэлэрин ааҕыҥ, ырытыһыҥ. Бастаан судургу, оҕо болҕомтотун тардар дьэрэкээн уруһуйдаах кинигэлэртэн саҕалааҥ.
Онон төрөппүттэргэ баҕа санаам, маҥнай бэйэҕитигэр, «кырдьык бу миэхэ уонна мин оҕобор, дьиэ кэргэммэр наада дуо?» диэн ыйытыкка сыал туруорунан көрүҥ . Ону кыайдаххытына, ситистэххитинэ, көрдөөбүт суолгут бэйэтэ арыллан кэлиэҕэ. Барыта төрөппүт иитиититтэн тутулуктаах, онон кытаатыҥ, ситиһиилэри эрэ баҕарабын.
Төрөөбүт тылбытынан саҥарыаҕыҥ, сахабыт тыла сайда турдун!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.